Кулун тутар 16 кунугэр Ю.Платонов аатынан Эстрада Государственнай театрыгар норуот биьирэбилин ылбыт «Кемус ааттар» музыкальнай бырайыак буолан ааста.
Бу сырыыга автор уонна ыытааччы Саха Республикатын Норуодунай артыыьа Александр Бурнашев бу концеры биллиилээх мелодист, урдук категориялаах хирург быраас Иннокентий Афанасьевич Сивцев айбыт уонна ыллаабыт ырыаларын тула оцордо.
Бу концертка анаан «Медик» уонна «Урдэл» вокальнай ансамбыллар кыттыыны ыллылар, маны сэргэ эстрада театрын артистара Василий Еремеев, Ника, Анатолий Горохов, Санита Ай, Амикан, уонна Люси кыттыыны ыллылар ону тэцэ «Тэтиннэр» ырыа инструментальнай обработкатын бэйэлэрэ оцороннор Дьокускайдаа5ы музыкальнай колледж студеннара, Саха Республикатын культуратын утуелээх улэьитэ, преподователь Раиса Николаевна Крылова кылааьын иитиллээчилэрэ Василий Афанасьев уонна Дьулус Васильев кытыннылар.
Иннокентий Сивцев до5отторо, аймахтара, дьиэ кэргэнэ бу бырайыак буолбутугар Эстрада коллективыгар улахан бар5а махталларын тиэртилэр.
«Кемус ааттар» музыкальнай проект уйэлээх буоллун диэн ба5а санааларын эттилэр.
Муус устар ыйга бу бырайыакка аатырбыт «Айан» квартет солиьа, мелодист, салайааччы Николай Николаевич Тулааьынап Кемус аатыгар ананыа.