Күндү биир дойдулаахтарбыт!
Сотору кэминэн Үрүҥ Илгэ күнэ — Ыһыах күнэ үүнэр. Саха дьоно барахсаттар күөххэ үктэммит кэмнэрин уруйдуу, дьону сэргэни кытта көрсүһэ бука бары ыһыахха мустар күннэрэ үүнэр. Быйыл, хомойуох иһин, Үс Хатыҥҥа көрсүһэн, илии илииттэн тутуһан, оһуохайга ойор кыахпыт суох. Ол да буоллар, санаабытын түһэрбэккэ, бука бары улуустартан оһуохайдьыттары түмэр санааҕа кэлэн ТҮМЭР оһуохай бырайыагын онорорго сананныбыт. Интерактивнай оһуохайы «ZOOM» сервис нөҥүө улуустартан оһуохайдьыттары түмүөххэ, аныгы олох тэтимин тутуохха! Пандемия Оһуохайга мэһэй буолбатын!
Билсэр нуемэргит: 89659944858
Номнуо Чурапчы, Булуу, Ньурба, Томпо, Усуйаана, Мэнэ Ханалас, Горнай улуустара суруттардылар, атын улуустар кыттыьын, дойдугут аатын ааттатын, хас биирдии кыттааччыга сертификат туттарыллыа.
Оьуохай консультана, тэбэр сурэ5э Олонхо тыйаатырын артыыьа Дархан этээччи Дмитрий Иванов.
1990,1991, 1995 сылларга Оһуохай күрэхтэрин кыайыылаага, Таатта улууһугар Былатыан Ойуунускай үбүлүөйдээх ыһыаҕыгар ыытыллыбыт Оһуохайдьыттар күрэҕин кыайыылааҕа (1995), Сергей Зверев төрөөбүтэ 100 сылыгар анаммыт тойуксуттар уонна оһуохай этээчилэр курэхтэрин кыайыылааҕа (2000), Туймаада Ыһыаҕар ыытыллар Саха Сирин оһуохайдьыттарын «Дархан этээччи» сүрүн күрэҕин кыайыылаҕа. Бу курдук аатырбыт оһуохайдьыт «Түмэр Оһуохай» бырайыакка үлэлээн, сүбэлээн амалаан, сиэри-туому, үгэһи тутуһан ыытарга улахан көмө оҥоро сылдьар. «Түмэр Оһуохайга» Дмитрий Семенович оһуохайга киириини этиэхтээх. Быһа эфииргэ Үс Хатыҥтан холбонуо.
Федоров Прокопий Давыдович Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Оһуохайын үтүөлээх этээччитэ. Верхоянскай, Бүлүү улуустарыгар ыытыллыбыт «Олонхо ыhыахтарын» Оhуокайын курэҕин эдэр ыччаттарга кыайыылааҕа, Мирнэй куоракка ыытыллыбыт эдэр ыччат ыһыаҕын Оһуокайга күрэҕин кыайыылаага. Элбэх түөлбэ оһуокайын кыайыылааҕа, Бүлүү бөлөх улуустарга оһуокай күрэҕин эдэр ыччаттарга кыайыылааҕа. Ньурба тыйаатырыгар артыыhынан 2007 cыллаахтан үлэлиир. «Түмэр Оһуохайга» көтүтээччинэн, ол эбэтэр түмүктээччи быһыытынан этиэҕэ. Эдэр кэскиллээх этээччи Прокопий Федоров «Түмэр Оһуохайга» Ньурба тыйаатырын уонна Ньурба улууһун билиһиннэриэҕэ.
Марианна Хобусарова — Саха Сирин үтүөлээх оһуохайдьыта
оҕо уһуйааныгар, искусство оскуолатыгар фольклорга уһуйааччы Үөһээ Бүлүү улууһун аатыттан «Түмэр Оһуохайга» тердус этээччинэн киирэр.
Арчыына — СР култууратын туйгуна
Аан дойду култууратын маастара,
М. Н. Жирков аатынан Дьокуускайдаа5ы музыкальнай колледж фольклорга салаатын уһуйааччыта. «Тумэр Оьуохайга» бэьис этээччинэн Мэнэ Ханалас аатыттан киирэр!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа Альбина Дегтярева
«Душа России» государственнай премия лауреата, сахалары Аан дойдуга ааттаппыт «Айархаан» этно-бөлөх салайааччыта, элбэх ыччаты фольклорга уһуйбут Эстрада тыйаатырын артыыската Альбина Михайловна Дегтярева. «Түмэр Оһуохайга» Эстрада тыйаатырын аатыттан үһүс этээччинэн киириэ.
Мэҥкэр Сэмэн Хабырыыл Уола — Бүлүү улууһун аатыттан этээччи быһыытынан киирэр.
«Түмэр Оһуохайга» иккиһинэн, Дмитрий Иванов кэннэ Бүлүүттэн холбонор. Мэҥкэр Сэмэн үлэ, сыана бэтэрээнэ, СӨ култууратын туйгуна, Саха сирин үтүөлээх этээччитэ. Ыһыахтарга ыытыллар оһуохай күрэхтэрин хас да төгүллээх кыайыылааҕа, «Хомоҕой хоһоонноох этээччи», «Дьоһун этээччи», «Уһун тыыннаах этээччи», «Дархан этээччи», «Умсугутуулаах этээччи», «Өбүгэ үгэһин утумнааччы», уо.д.а. анал ааттар хаһаайына буолар. Бу курдук, «Түмэр Оһуохай» өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан уопсайа 6 этээччилээх буолуо. Этээччи быһыытынан кыттыбат улуустар кынат буолан оһуохайга ыллаһыахтара.
Youtube-канал: ESTRADASAKHA
Инста страница: @sakhaestrada