Театр үлэһитэ Таныков Святослав эһээтэ, Таныков Семен Игнатьевич туһунан

Ороһу нэһилиэгэр Үөһээ Бүлүү оройуонугар балаҕан ыйыгар 1920 сыллаахха төрөөбүт. Сэриигэ 1942 сыллаахха от ыйыгар ыҥырыллан барбыт. 1943 сыл олунньутугар диэри 19 туспа хайыһар биригээдэтигэр, онтон 1944 сыл балаҕан ыйыгар диэри танковай полкаҕа курсанынан, 1946 сыл ыам ыйыгар диэри 49 минометнай биригээдэҕэ наводчигынан сылдьан сэриилэспит.
Курскай Дуга, Новгородскай уобаласка Старай Русса таһыгар Ильмень күөлгэ буолбут кырыктаах кыргыһыылар, Хотугулуу-Арҕааҥҥы фронт кыттыылааҕа, Берлин куоракка тиийэ сэриилэспит хорсун саллаат.
Семен Игнатьевич ахтыытыттан быһа тардан:
“1942 сыллаахха бэс ыйыгар Армияҕа ыҥырыллан барбытым. Молотовскай уобаласка тиийэн, Старай Вершетскай лааҕырга 19-с хайыһар бригадатыгар үөрэммитим, 45 мм ротнай миномет наводчига буолбутум. Эдэрдэри 18-20 саастаах дьоннору, хайыһар бригадатыгар ылаллар этэ. Мин онно түбэспитим. Мантан арахпыппыт кэннэ саанан хайдах туттарга, хаамыыга, окопа хаһыытыгар үөрэппиттэрэ. Биһиги нууччалыы син билэр этибит.
… 1943 сыл олунньу 23 күнүгэр биһиги, Ильмень күөлү туораан, өстөөх оборонатын көҥү көтөргө бойобуой сорудаҕы ылбыппыт.
Сарсыарда тыҥ хатыыта, уҥуоргу биэрэк боролдьуйан көстөр сиригэр тиийэн, салгыы бирикээс кэлэрин кэтэспиппит. Стройдатан баран, ханнык да көмөнү эрэйиэ суох тустаахпытын, сыччах соһумар атаакаҕа, сатабылбытыгар эрэниэхтээхпитин туһунан командирдар тыл эппиттэрэ. Биһигини, икки рота саллааттарын, Ретле дэриэбинэни утары тахсан, өстөөх сүрүн күүһүн бэйэбитинэн аралдьытарга сорудахтаабыттара…
…Харахпын быһа симтэхпинэ, ол онно өлөн эрээччи хаһыыта, буомба, снаряд эгэлгэнэ билигин да иһиллэргэ, үрдүбүнэн хара кириэстээх самолеттар ытыалыы-ытыалыы умсарыта түһүөлүүллэрэ, миинэ эстэн муус көһөҥөлөрө өрө кыдаарыйан тахсаллара, ыыс быдан буруо, тааҥнаан халыйбыт уу илэ субу көстөргө дылылара.
…Сэриигэ сылдьыбытым тухары үтүмэн хаан тохтуутун, алдьаныыны-кээһиини, көрбүтүм. Дьэ, ол гынан баран, мин 19-с туспа хайыһар биригээдэтигэр киирсэн Ытык Ильмень күөл мууһугар курдугу, үгүс бойобуой табаарыстарым өлөн сылбахтана сыталларын хаһан да харахтаппатаҕым. Оннук мин өйбүттэн сүппэт ынырыктаах хартыына этэ…
Сэрииттэн эргиллэн, дойдубун этэҥҥэ булан баран, Ильмень күөлгэ түбэспит быһылааннарбын баччааҥҥа диэри кимиэхэ да кэпсээбэккэ, сүрэхпэр-быарбар саһыарбытым, онно эппинэн –хааммынан билбит, киһи этэ салаһар, куйахата күүрэр сордоох-муҥнаах түгэннэри санаабыттан киэр кыйдыы, үүрэ сатыыр эрэйигэр сылдьыбытым”.
“За победу над Германией”, “За взятие Берлина”, “За освобождение Праги” мэдээллэринэн наҕараадаламмыт. Сэрии кэннэ дойдутугар төннөн Исидор Барахов аатынан совхозка бухгалтерынан үлэлээбит, Кирикова Матрена Сергеевнаны кытта ыал буолан 7 оҕоломмуттара, билигин кинилэр сыдьааннара, оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ эһээлэрин аатын ааттатар дьон үгүстэр.

#улуукыайыы75сыла #улуукыайыыкемускунэ #кимдаумнуллубат_туохдаумнуллубат #сугуруйэбит #гтэрся