Олунньу 17 уонна 18 күннэригэр Эстрада государственнай театрын «ВЕРСАЛЬ» музыкальнай салонугар «Тапталтан тыллыбыт ырыаларым…» диэн Эрхаан Николаев айар үлэтин 20 сылын бэлиэтиир дьоро түһүлгэтэ үрдүк таһымнаахтык ааста. Киэһээ үс түһүмэхтэн турда. Бастакы түһүмэххэ урукку-хойукку ырыалар ылланнылар, дойду ахтылҕанын таарыйда, иккис түһүмэх тыыннаах доҕуһуоллаах буолла. Гитараҕа Герасим Павлов, баяҥҥа, клавишаҕа Дмитрий Готовцев, флейтаҕа Балдорж Хуухее оонньон көрөөччү кутун туттулар. Үһүс түһүмэх таптал, дьиэ кэргэн, дьол тула ырыаларынан туолан сүргэни көтөҕөн үөртэ. Биир бэлиэ түгэнинэн буолла Эрхааннаах Санита кырачааннара Эрсаан биир сааһын туолбута. Ыал ийэтэ үс мэндиэмэннээх торт бэлэмнээбитин дьон амсайан, Санита хаһаайка быһыытынан бастыҥын өссө төгүл бигэргэппитин туоһулаатылар. Эрхаан ырыалара үрүйэ уутуну тохтоло суох кутуллан Бүлүү улууһун, Чочу кэрэ бэлиэ сирдэригэр ыалдьытаттан ылла. Аркадий Николаевка Чочу нэһилиэгин аҕа баһылыга Добуюсов Петр Александрович «Чочу нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо» бэлиэ туттарда. Уоллара Чаҕыл ыллаан, үҥкүүлээн, эстрада чөмчүүк куолаһа Санита Ай истиҥ ырыаларынан киэһээни киэргэттилэр. Уот-куес уонна тыас-уус Дьокуускай биир бастыц «ЗВУК и СВЕТ» хампаанньата туруорда. Николаевтарга дьолу, ситиһиини, айар үлэҕэ дабайыылары баҕарабыт.