ТЫЫЛ, ҮЛЭ БЭТЭРЭЭНЭ ЕФИМОВ ХРИСТОФОР СЕМЕНОВИЧ ТУҺУНАН АХТЫЫ
«Истээччилэрбит кэпсииллэр» биэриини Тэтим араадьыйага кетуппэккэ долгуйа олорон истэбин. Онтон сиэттэрэн тыылга улэлээбит агабыт ологуттан ахтан аьарары ытык иэспитинэн ааган туран ватсап ситимигэр киирэн суруйан эрэбин. Агабыт 1916 сыллаахха кулун тутар 12 кунугэр тереебут .Кини Уеьээ Дьааныга биллэр баай Дьэкиимэптэр сыдьааннара буолар. Ого сааьын кыьалгалаах кэмнэрин маннык кэпсиир этэ . Тулаайах буолан ,бу сыл аайы оттуу кэлэр участакпытыгар Лаапка саллаат Елексеендурдээххэ иитиллибитим . Ийэм 2 саастаахпар елбут.Бэрт кырабыттан ого керсер этим . Ол оголор барахсаттар наар елен иьэллэр этэ . Икки харага суох эмээхсиннэ илии -атах буоларым,улааттагым ахсын толорор улэм элбээн испитэ. Ити билигин онно эрэ хаалбыт куелгэ алтан солурчахха уу баьан таьар этим ,ол гына сылдьан хас да солурчагы ууга ыыппытым , дьэ мегуллэн керер этим . Куьунну харанага тонон дулга урдугэр туран иикпинэн атахпын сылыта сылыта суеьу кердуур этим . От- мас бэлэмнээьинигэр сылдьыьарым ,ол курдук сырыттахпына биир утуе кун Арыылаахтан убайым колхоз бэрэсэдээтэлэ ,гражданскай сэрии кыттыылаага Дьэкиимэп Байбал Дьегуерубус тиийэн кэллэ уонна миигин 14 саастаах киьини оскуолага уерэттэрэ агалла . Улахан баайы уол кыра оголору кытта 3 сыл уерэнним . Салгыы уерэхпин батан кээстим . Дьэ онтон ыла бэйэбин бэйэм бас билэр ологум сагаланнага . Сартантан хас да киьи буолан Дулгалаах оскуолатын анардас сугэнэн тутууга улэлэспиппит ,биьигини кытта атын дьоннор эмиэ бааллара. Ол сылдьан дьэдьэн курдук тэтэркэй имнээх Христина кыыьы керсен 3 оголоммуппут да кыра огобут елбутэ .Онон устунан арахсан хаалбыппыт . Онтон сэрии ыар сылларыгар 3 кыьын почта дьаамыгар улэлээбитим . Сайынын нууччаларга экспедицияга коннигынан сылдьар этим . Биир кыьын Мой Урэх Алыьардаагыттан Ойо — Хомотугар дальстройга ындыы таьар этибит . Онно биригэдбииринэн Иван Петрович этэ . Миигин кытта: Аммосов Николай Алексеевич ,Аммосов Михаил Ильич , Покатилов Михаил Иннокентьевич, Слепцов Петр Александрович улэлээбиттэрэ . Биир сайын Эьэ- Хаяга таас ханааба хабыытыгар улэлээтибит . Онно Комелев Константин Михайлович ,Аммосов Иван Николаевич ,Слепцова Анастасия Яковлевна улэлээбиттэрэ . Онтон ыстаадага табаьыттыы тагыстым ,оччолорго ыстаада сэбиэдиссэйэ Неустроев Николай Семенович (Баьаар огонньор) этэ . Кэнникки пенсияга тахсыахпар диэри сылгыьытынан , ынах суеьу керуутугэр сылдьыбытым . Биир да кун борогууллаабатагым ,отпуска да ылбыппын ейдеебеппун диэхтээбитэ . Кырдьык оннук этэ . Уьустээн кэргэннэммитэ бэйэтиттэн 21 сыл балыс ыарыьах, тыла суох кыыьы кэргэн ылан 4 огону теретен уопсайа 7 оголоммута ,билигин 4 ого баарбыт. Ийэбит уксугэр балыыьа киьитэ этэ .ол иьин биьиги соготох агага иитиллибиппит тастан ийэбит ийэтэ Мария Николаевна — Кустуй Маарыйа ,норуот ырыаьыта кемелеьер этэ. Сарсыарда остуолга кыра атахтаах сиэркилэтин иннигэр уурунан баран куудара баттагын тараана олороро харахпар бу баардыы кестер, улэтигэр бараары туран барыбытын кэрийэ сылдьан утуйа сытар оголорун сыллаан ааьарын . Сыллатаагы кыргыттарын биьигини игири оголор курдук тэн танаьы атыылаьан кэтэрдэрэ уонна наар маннык диэн субэлиир этэ. Хаьан даганы улэни кичэйэн хаачыстыбалаахтык улэлиир буолун ,туктаа улэ диэн олус куьаган буолар, дьон себулээбэт кэнниттэн ол улэни хат толорорун диэччи . Дьэ ол иьин от мунньуутугар салаа да оту хаалларбат этибит, тэппэлэргитин учугэйдик онорбуккут диэн хайганар этибит. Этэннэ биьиги 4 кэнникки оголоро оскуоланы бутэрэн араас идэлэри баьылаан кэллэхпит аайы уерэн мучуннуу олороро бу кестер . Оголордоох киьи буолан аата ааттана турдага . Билигин биьиги тереппуттэрбит туьунан ахтан ,альбом онорон кэлэр кэнчээри ыччаттарыгар утуе ейдебунньук хааллардахпыт диэ этибит.
Суруйда кыыһа Васильева Марина Христофоровна