Мин эһэм, кыргыһыы хонуутуттан эргиллибэтэх Иванов Егор Николаевич туһунан аҕам, Иванов Михаил Егорович урут кэпсээбититтэн тугу өйдүүрбүнэн кылгас да буоллар уонна аҕам бэйэтин олоҕуттан Улуу Кыайыы 75 сыллаах үбүлүөйүнэн ахтан-санаан ааһыым дуу…
Биһиги эһээбит, Иванов Егор Николаевич (Киис уола Дьөгүөркэ) бииргэ төрөөбүт бырааттарынаан Петр Николаевич, Никита Николаевич буоланнар кыргыһыы хонуутуттан төннүбэтэхтэр. Биир ыалтан үс турбут эр киһи ол кырыктаах сэриигэ олохторун толук уурбуттар.Эдэр эрдэхтэринэ, үһүөн да талбыт курдук талыы, бөдөҥ, дьон кэпсииллэринэн, кус быһый, ат бөҕө дьоннор эбиттэр.
Эһээбит Дьөгүөркэ сэриигэ барар бэбиэскэтин 1944 с., бэс ыйын 18 күнүгэр,49 саастааҕыгар туппут үһү. Бука, үөрэҕэ суох буолан оччоонно дылы ыҥырыллыбакка сылдьыбыта эбитэ дуу… Биһиги аҕабыт Михаил оччолорго 13 саастаах хороччу улаатан эрэр уол эбит. Эһээбит бэбиэскэ тутан баран дьонун өтөҕүгэр Ампаардаахха бара сылдьыбытыгар, оҕолоро Михаил, Николай, Бүөтүр, Ньукуус кэнниттэн арахпакка батыһа сылдьыбыттар. Эһээбит ампаартан кыра кээмэйдээх үс буускап хотуурун таһаран оҕолоругар көрдөрө-көрдөрө «Бу сүөһүлэргитин кыстатар оккутун сайынын оттуургутугар хаалларабын» диэн хаалларбыт үһү.Илимнэрин, булка туттар тэриирин үчүгэйдик харыстаан тутталларыгар такайбыт. Ол кэнниттэн «Арааһа, эргиллибэттик баран эрэбин быһыылаах, оҕолорум олох арахпакка батыһа сырыттылар» диэн чугас дьонугар санаатын эпитэ үһү.
Ол курдук кини сэрииттэн төннүбэтэх… Үөрэҕэ суох буолан, биир дойдулаахтарын, сахалалары көрүстэҕинэ суруйтаран илдьит ыытар эбит. Аҕам өйдүүрүнэн, үстэ сурук кэлбит. Бастакы суруга байыаннай курска үөрэтэллэрин туһунан. Иккиһэ тас Монголияттан кэлбит аттары айааһыырын туһунан. Тиһэх суруга Москва арҕаа өттүгэр баар “Сталино“диэн станцияттан дуу, бөһүөлэгиттэн дуу,фроҥҥа баран иһэрин туһунан. Ол кэннэ сураҕа суох сүппүт…
Дьэ ол кэмтэн ылата, биһиги аҕабыт Михаил бииргэ төрөөбут үс бырааттарыгар, соҕотох балтыгар эрэ буолбакка, сэрииттэн төннүбэтэх абаҕаларын дьиэ кэргэттэригэр, ону таһынан огдообо хаалбыт эдьиийдэригэр, кинилэр оҕолоругар барыларыгар улахан убайдара, саамай тирэх буолар киһилэрэ буолан хаалбыт. Төһө да оҕо буоллаллар хара үлэттэн толлубакка, кырдьаҕастар ыйан биэрэллэрин ылбаҕайдык толорон, от, бурдук үлэтин барытын улахан дьону кытта тэҥҥэ үлэлээннэр сэрии уонна сэрии кэннинээҕи аччык сыллары аһардыбыттар.Сэрии бүппүтүн кэнниттэн кини Бүлүүтээҕи педагогическай училищеҕа үөрэнэн учуутал идэтин ылбыта. Үөрэхтэнэн, бэйэтэ үлэһит буолан баран бырааттарын үөрэттэрэн, барыларыгар атахтарыгар туралларыгар көмөлөспүтэ. Ыарахан, аас-туор кэмнэри ким тугу кыайарынан көмөлөсүһэн, туох баарынан тэҥҥэ үллэстэн улааппыт буоланнар, аҕам бииргэ төрөөбүт да, тастыҥ да бырааттарыннаан, балтыларынаан куруук олус истиҥ, сылаас сыһыаннаах, наһаа эйэлээх буолааччылар. Кэнники, улаатан бараннар,бэйэлэрэ ыал ийэтэ-аҕата, эбээтэ, эһээтэ да буолан бараннар бары олус түмсүүлээх, иллээх, эйэлээх этилэр. Биһиги аҕабыт оҕо эрдэҕиттэн аҕата суох хаалбыт аймах оҕолорун барыларын түмэ тардан,онон ыһыллан хаалбаккалар, халыҥ аҕа ууһа буола тэнийдэхпит. Тыыннаах эрдэҕинэ, биһиги аймаҕы барыбытын саамай сүрүннүүр,түмэр киһибит, аҕа баһылыкпыт эмиэ кини этэ.
Кини үөрэҕин бүтэрэн буолан үлэһит буолуута, киһи быһыытынан буһуута-хатыыта, Бүлүү Кыргыдайыгар ааспыта.
Бүлүүтээҕи педучилищены бүтэрэн баран,1951 сыллаахха ,Кыргыдай аҕыс кылаастаах оскуолатыгар учууталынан анаммыта. Кыргыдайга сүрэҕин аҥаарын, биһиги ийэбитин Анна Еремеевнаны көрсөн ыал буоланнар биэс оҕону төрөппүттэрэ. Ол кэмтэн ылата, пенсияҕа тахсыар дылы Кыргыдай оскуолатын учууталынан үлэлээн дьон сэргэ ытыктабылын, итэҕэлин ылыан ылбыта. Ол да иһин 34 сыл устата олохтоох сэбиэт депутатынан, бастакы сүһүөх партийнай тэрилтэ секретарынан, табаарыстыы суут председателинэн үлэлээбитэ. Нэһилиэк дьоно, кыратыттан кырдьаҕаһыгар тиийэ, үлэ, үөрэх эрэ мунаардар боппуруостарыгар буолбакка, тус олохторугар эмиэ сүбэ-ама наада буоллаҕына хайаан да биһиги аҕабытыгар, Михаил Егоровичка кэлээччилэр.Кыанар-кыаммат кыһалҕатын быһаарсыы,үөрүүлээх да, хомолтолоох да түгэнигэр бигэ тирэх,өйөнөр эркин, күүтүүлээх сүбэһит буолуу – бу кини ыраас уулуу дьэҥкир суобаһын,хаһан да бүдүрүйбэт, кими да түһэн биэрбэт үтүө майгытын, энчирээбэт эрэллээх быһыытын,киһититтэн тутулуга суох барыларыгар биир тэн үтүө санаалаах сыһыанын туоһута буолар. Дэриэбинэ дьоно хайа да боппуруос буоллун:чаһыы өрөмүөнүттэн саҕалаан оһох тутуута, массыына өрөмүөннээһинэ, оҕону иитии, дьиэ кэргэн боппуруостарыттан саҕалаан ойуур баһаарын умулларыы – быһаарыылаах кэм тирээтэҕинэ хайаан да киниэхэ кэлэн сүбэ-ама ылан, харахтара сырдаан, көхсүлэрэ кэҥээн барааччылар. Дьон-сэргэ кини көнө, кырдьыксыт, сэмэй майгытын, эрэллээх бэйэтин үрдүктүк сыаналыыллара. Оскуолаҕа үөрэппит оҕолоро, элбэххэ үөрэппитин, олох суолугар үктэннэрбитин иһин күн бүгүнүгэр дылы махтал тылын этэллэр.
Кыргыһыы хонуутуттан эргиллибэтэх эһэбит Егор Николаевич үтүө аатын салгыырдык дьоһун олоҕу олорбут аҕабынан,Тыыл Бэтэрээнэ, СР үөрэҕириитин туйгуна Иванов Михаил Егоровиһынан киэн туттабын. Оҕолорбун, сиэннэрбин эһээлэрин, хос эһээлэрин үтүө холобурдарынан иитэбин.Аҕабыт тыыннаах эрдэҕинэ, саатар аҕам уҥуоҕа көстөрө эбитэ буоллар диэн баҕа санаа оҥостор, көрдүүр этэ да, хомойуох иһин, эһээбит уҥуоҕа көстүбэтэҕэ… Онон, аҕабыт тыыннааҕыгар сиппэтэх санаатын ситэрэн, улахан убайым, Георгий Михайлович, Дьокуускай куорат мэрын солбуйааччытынан үлэлии сылдьан, Саха Сириттэн, Дьокуускай куораттан баран, кыргыһыы хонуутуттан эргиллибэтэх үгүс элбэх саллааттар ааттарын үйэтитэргэ «Солдат Туймаады” диэн мемориальнай комплекс туттарыытын тус бэйэтин ытык иэһин курдук санаан, туруулаһан туран оҥотторбута. Сэрииттэн төннүбэтэх үгүс ахсааннаах саха саллааттарын ааттарын үйэтитээри. Кинилэр оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ үйэттэн үйэҕэ, дьоллоох олох туһугар олохторун толук биэрбиттэри умнубаттарын туһугар.
Бүтэһигэр, аҕабар анаабыт «Аҕам» диэн хоһооммун чугас дьонноругар, норуоттарыгар күүстээх тирэх, эрэллээх эркин буолар, аҕаларга анааммын суруйуом этэ:
АҔАМ
Күнү-дьылы аахсыбакка
Куруук түбүккэ сылдьаҕын.
Ааһар кэми ахсарбакка
Эдэр курдук эрчимнээххин…
Хаһан эрэ хара баттаххын
Хаһыҥ хаарыйан хагдарыппыт,
Оонньуур быччыҥнаах харыгын
Күн-дьыл хатаран мастыппыт…
Аҕам, аҕам, өспөт уоттаах, эн хараҕыҥ,
Аҕам, аҕам, ааспат чэрдээх, эн ытыһыҥ…
Кистээн үөһэ тыынаҕын
Эдэр сааскын санааҥҥын,
Оргууй таарыйан ылаҕын
Көмүс ыҥыырыҥ сырайын…
Ахтан-санаан да эрдэҕиҥ
Оттуур ходуһаҥ чээл күөҕүн,
Балык оонньуур чүөмпэ күөлгэр
Оргууй тыыннан эрдинэргин…
Аҕам, аҕам, өспөт уоттаах, эн хараҕыҥ,
Аҕам, аҕам, ааспат чэрдээх, эн ытыһыҥ…
Эн сүрэххин курдат тардар
Ходуһаҕар хаалбыт отууҥ,
Эн бараргыттан санаарҕаан
Умуллубут оллоонуҥ…
Ыччаттаргар холобуруҥ –
Эн олорбут олоҕуҥ,
Үтүө ааккын ааттатарыҥ –
Оҕолоруҥ, сиэннэриҥ…
Аҕам, аҕам, өспөт уоттаах эн хараҕыҥ,
Аҕам, аҕам, ааспат чэрдээх эн ытыһыҥ…
СР үтүөлээх артыыһа,
«Душа России” государственнай бириэмийэ лауреата,
Аан Дойду виртуоз хомусчута,
Айархаан бөлөх салайааччыта
Альбина Дегтярева.