Амма Сул5аччытыгар дьадаҥы бааһынай кэргэҥҥэ муус устар 8 кунугэр 1917 с.төрөөбүтэ.
1937 с. Дьокуускайга самодеятельнай куруһуоктар художественнай салайааччыларын куурустарын бүтэрбит. Онтон Амма уонна Мэҥэ Хаҥалас култууратын дьиэлэригэр худруктаабыт, Майаҕа I государственнай колхуоһунай драма театрыгар, Ньурбаҕа II государственнай колхуоһунай драма театрыгар артыыстаабыт, Уеьээ Булуу уонна Ньурба судаарыстыбаннай көһө сылдьар тыйаатырдарыгар онтон Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай музыка драма тыйаатырыгар үлэлээбит.
1937—1970 сс. X. Максимов эстрада артыыһын быһыытынан сценаҕа да, араадьыйаҕа да тахсыбыта. 300-чэкэ творческай концерт оҥорбут диэн ааҕаллар.
Самодеятельнай композитор X. Максимов 400-тэн тахса ырыа мелодиятын суруйбута, онтон 80 ырыата идэтийбит композитордар тупсарыыларын кэннэ хомуурунньуктарга тахсыбыттара: «Үлэ, таптал ырыалара» (Песни труда и любви, 1962), «Дьол иһин» (За мир и счастье, 1970), «Суун сибэкки сиигинэн» (1992), «Күнү олус таптыыбын» (2002). Өссө сүүс ырыа бэчээккэ бэлэмнэнэн Норуот айымньытын дьиэтигэр туттарыллыбыттара.
Улахан айымньылартан С. Дадаскинов «Күн тааһа» сюитатыгар музыкатын ааттыахха сөп. X. Максимов драма спектакылларыгар музыка айбыта биллэр, холобур, Куннук Уурастыырап «За мир!», Л. Попов «Беспокойный отдых», И. Алексеев «Вилюйский узник», И. Бочкарев «На восходе» пьесаларыгар.
1968 сыллаахха «Утро долгого дня» (Рига киностудията, режиссер А. Неретниеце) киинэҕэ Додор оруолун оонньообута.
Биьиги театрбыт репертуарнай буоларыгар мацнайгы дьиц билиниини а5албыт Христофов Максимовка анаммыт испиктээкил буолар. Бука бары Киристэпиэлгэ оонньообут артыыстары, чуолаан Байбалбытын, бу куннэ эгэрдэлиибит уонна киэьээнци Байбал кэнсиэрин онлайн прямой эфирга https://www.instagram.com/sakhaestrada/, https://www.instagram.com/officialbaibal/ керергутугэр ыцырабыт.