Сэрии сылларыгар дойдуларыгар хаалбыт дьоҥҥо ыар кэмнэр саҕаламмыттара. Историяттан сотуллубат биир алдьархайынан Чурапчы дьонун сэргэтин көһөрүү буолбута. Оччолорго Чурапчы улууһуттан 1942 сыллаахха 41 холкуос 5 тыһыынчаттан тахса киһитин Кэбээйи, Булуҥ, Эдьигээн улуустарыгар көһөрбүттэрэ, элбэх киһи ыар суолламмыта, күн сириттэн күрэммитэ. Эргиллэн кэлиилэригэр икки тыһыынчаны кыайбат киһи төннүбүттээх. Ол курдук, сыыһа дьаһал тахсан тыһыынчанан киһи суорума суолланнаҕа.
Биһиги театрбыт артыыстарын, үлэһиттэрин дьоно-сэргэтэ, эһээлэрэ-эбээлэрэ ол көһөрүүгэ кыттыбыттара. Пудова Марина Николаевна (музыкальнай салон салайааччыта) аҕата Николай Спиридонович, абаҕалара Спиридон Спиридонович, Илья Спиридонович, эбээтэ Лукерья Елисеевна Коркиннар. 1942 сыллаахха Николай (оччолорго 6 саастаах оҕо), убайдарыныын Спиридоннуун (12 саастаах), Ильялыын (18 саастаах) уонна икки хараҕынан көрбөт ийэлэриниин Лукерья Елисеевнаны кытта Кыһыл Сэрииһит колхозтан Кытаанах хоту өттүгэр баар Таба Баалы диэн сиртэн хоту көһөрүллүүгэ бараллар. 9 хонугунан Аллараа Бэстээги булаллар да ый курдук биэрэккэ пароходтарын кэтэһэллэр, улахан уол Илья сытыы-хотуу буолан онно манна киирэн тахсан син дьонун аччыктаппатах. Онтон өр да өр айаннаан, аҥардара аара суолга, биэрэккэ өлөннөр Булуҥҥа Быыкап Мыыска тиийэллэр. Булун дьоно-сэргэтэ төһө да бэйэлэрэ мөлтөхтүк олордоллор, көһөрүллэн кэлбит дьону киһилии көрсөн, дьиэлээн-уоттаан улэҕэ умса туһээхтииллэр. Хараҕа суох ийэлэрэ олохтоохторго аска-уелгэ тирии имитэр, 18 саастаах убайдара сүрдээх үлэһит, сытыы уол буолан, биригэдьиирдиир, дойду дьоно хаһан балыктаабыттара баарай, эрэй бөҕөнү көрсөллөр.
Ол кэмҥэ көһөрүллүбүт Чурапчы дьонун кытта тэҥҥэ, үүрүллэн кэлбит Прибалтика омуктара олорбуттар эбит, кинилэрдиин эн-мин дэһэн, бииргэ үлэлээн, балыктаан олорбуттар. “Тыйыс тымныы диэни хаһан да билбэтэх омук дьоно оччолорго олох иэдэйбиттэрэ”,-диэн кырдьагастар кэлин кэпсиилэр эбит. Көмө быһыытынан үөһэнэн көтөн ааһар Америка самолеттара бурдук, саахар бырахтахтарына улахан үөрүү буолара үһү.
Ас-үөл кэмчи буолан дьон бары да доруобуйаларынан буорайаллар, кыра уол Коля цингалаан хаампат буолан өр кэмҥэ сытар, онтон Кыайыы буолан син бэттэх кэлэн, дойдуларын 1950 сыллаахха булаллар. Ыал тутаах киһитэ, эдэркээн 18 саастаах уол Илья кытаанах санаалаах, сытыы-хотуу буолан дьонун этэҥҥэ дойдуларын буллартыыр.
Хаартыскаҕа (Ханастан уна Илья Спиридонович уонна Николай Спиридонович)