Бу сыл Булуҥ улууһугар маннык элбэх артыыс кэлбэтэҕин кэлэн барда. Артыыстар муус устар 3 күнүттэн барыахтарыгар диэри күн ахсын Тиксии бөһүөлэгэр, улуус нэһилиэктэринэн сылдьан кэнсиэрдэрин көрдөрөн дьон кутун тутуон туттулар. Кинилэр Хоту дойду олохтоохторо олус эйэҕэс майгылаахтарын олус сөбүлээбиттэр.
Эстрада театрын ырыаһыттара САЙСАРЫ Куо, АЙГЫЛААН уонна “Айархаан” бөлөх Булуҥҥа маҥнайгытын кэлбиттэрин туһунан сырдаттылар. Хоту, Булуҥҥа кэлэллэрин истэн утаа долгуйбуттар даҕаны, куттаммыттар даҕаны. Ыалдьыттар хаһан даҕаны Уһук Хоту дойдуга сылдьыбатах дьон, Булуҥ сирэ-уота модунун көрөннөр наһаа астыммыттар, сөбүлээбиттэр. Нэһилиэктэринэн сылдьан айан бөҕөнү айаннаабыттар, араас техниканан барытынан сылдьыбыттар, барыта анаабыт курдук, кэмиттэн кэмигэр сөп түбэһэн, айылҕа маннык күннэри туран биэрэн сырыылара наһаа үчүгэйдик табыллыбыт.
“Бастаан Тиксиигэ бараҕыт диэбиттэригэр, тоҥуом, суола-ииһэ наһаа эрэйдээх диэн наһаа куттаммытым”, “Долгуйуу баар бөҕө буоллаҕа дии, хайдах сылдьарбыт, айанныырбыт, туох таҥаһын таҥнарбыт эбитэ буолла” – диэн кинилэр киһи аан маҥнай сүрүн саныыр кыһалҕаларын этэллэр.
“Биир улуус диэтэххэ нэһилиэктэр тус туһунан тыыннаахтар эбит”, — диэн састаап саамай эдэр ырыаһыта Сайсары Куо санаатын үллэстэр.
“Айархаан” бөлөх кыттыылааҕа Нарыйаана Саха сирин хоту дойдутун көрбүт киһи диэн баҕа санаатын Булуҥ сиригэр кэлэн толорбутун этэр. Ол курдук артыыстар Күһүүр нэһилиэгиттэн Тиксиигэ диэри “Бурааннарынан” хайдах айаннаабыттарын хаһан да умнуллубаттыы өйдөрүгэр-санааларыгар хаалбытын кэпсээтилэр. Кырасаабыссалар күрэхтэрин сэргээбиттэрин бэлиэтии кэпсээтилэр. “Курортааҕар үчүгэйдик сынньанным диэххэ сөп” – диир Нарыйаана.
Аан бастакыларын сылдьан табаһыттар Сүлүөттэрин, хоту дойду саамай күүтүүлээх, үчүгэй бырааһынньыгын, табалар хайдах сүүрэллэрин көрөн астына дуоһуйбуттар. Ол эрээри табалар барахсаттары хайдах сүүрдэллэрин, таһаҕас тиэйэллэрин, үрдүгэр олорон миинэллэрин, онуоха эбии сылайан кэлбит табалары кытта хаартыскаҕа түһэллэрин көрөн аһыммыттар.
“Киһи сатаан тылынан этэн тиэрпэт, биир тылынан эттэххэ бу сырыыттан, барытын бастакыбын көрөр буоламмын умнуллубат өйдөбүл хаалла. Аныгыскы эргиллэн кэлэрбитин кэтэһэбин, дьиэ кэргэним суоҕа буоллар өссө да хаала түһүөм этэ”, – диир Айгылаан.
ЭРХААН, салайааччы:
— Манна бүтэһигин 8 сыл анараа өттүгэр сылдьыбытым. Булуҥҥа хамаанда тэринэн кэлиэхпин баҕарбытым ыраатта. Куруук үп-харчы өттүгэр кэлэн иҥнэр этибит. Култуура Министиэристибэтин өҥөтүнэн уонна сорудаҕынан, эстрада театра Хоту улуустартан алта улууһу быйыл хабан үлэлиир, мин тута Булуҥ улууһун талбытым. Кэпсэтиитэ эрдэттэн барбыта. Дириэктэрбит Алексей ЕГОРОВ хамаандата талын диэбитигэр, састааппар Хоту дойдуга сылдьа илик эдэр дьону ыламмын уонна доҕорбун, атаспын Байбал СЭМЭНЭБИ киллэрэн хамаанда тэриммтитим. Эрдэ бөһүөлэктэргэ барытыгар сылдьыахтаахпыт диэн сыал-сорук туруоруммуппут. Табаһыттар сүлүөттэригэр таба сүүрүтүн көрбүппүт, балааккаларга киирэн чэйдээбиппит. Кэлиэм иннинэ дойдубар тиийэн эбээбиттэн күүс-сэниэ, сүбэ-ама ылан, арчылатан, айылҕабыттан көрдөһөн кэлбитим. Биир тылынан эттэххэ, арчыламмыт айан буолар. Ол курдук айылҕабыт биһиги диэки буолан биэрдэ. Үчүгэйдик илдьэ сылдьыбыттарыгар айыыларбытыгар, муорабытыгар, Өлүөнэ эбэбитигэр махталбыт муҥура суох. Саамай сүрүнэ Булуҥ улууһугар айылҕаттан тутулуктаах дии саныыбын. Биһиги төһө баҕарар былаан оҥостуохпутун сөп, ону айылҕа бэйэтэ быһаарар. Култуура управлениетын салайааччыта Туяра Ивановна наһаа үчүгэйдик көрүстэ, бэйэтин оҕолорун курдук илдьэ сырытта. Игорь Кудряшов көмөтүнэн, киһи ыллын да мээнэ тиийбэт ыраах сытар нэһилиэктэргэ бөртөлүөттэри кэтэһиннэрэн, нэһилиэнньэҕэ кэнсиэрдэри бэлэхтээн, дьон биһирэбилин ылан кэллэхпит. Мин эрдэттэн артыыстарбын үчүгэйдик илдьэ сылдьыам диэн былааннаммытым, ол курдук бу сырыыттан бииргэ үлэлиир табаарыстарым чахчы үчүгэйдик сылдьан баран эрэллэриттэн үөрэбин, билигин санаторийга сылдьыбыт курдук саныыллар. Онон Булуҥҥа инникитин санаторий арыйыахха наада (күлэр). Кэлин түүл-бит курдук саныырбыт буолуо, наһаа үчүгэйдик сырыттыбыт, маннык өссө өтөрүнэн сылдьа иликпит. Көрөөччүлэрбитигэр улахан махталбытын тиэрдэбит, эһиги баар буолаҥҥыт биһиги артыыстар баарбыт, айабыт-тутабыт. Инникитин даҕаны кэлиэхпит диэн эрэннэрэбин, манна кэлиэхтэрин баҕалаахтар элбэхтэр. Дьиэ кэргэммин кытта кэлэн улахан концерт оҥоруохпун баҕарабын. Дьоннор ыҥыраллар, ол баҕа санаабыт туолуоҕа диэн бигэ эрэллээх хаалабын. Булуҥ улууһугар, кини олохтоохторугар улахан махталбын тиэрдэбин.
Источник: Харысхан ПОПОВ, Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.