Аҕыйах күнүнэн Улуу Кыайыы 75 сыллаах үөрүүлээх үбүлүөйэ дойду үрдүнэн бэлиэтэниэхтээх. Сыл-хонук, кэм кэрдии төһө да түргэнник аастар, сэрии кэмэ хас биирдии киһи сүрэҕэр оспот баас буолан сылдьара бигэргэтиигэ наадыйбат. Хас ыал аайы сэриигэ, тыыл ыарахан үлэтигэр сылдьыбыт күндү дьонноох.
Биһиги дьиэ кэргэммитигэр эмиэ, биллэн турар, киэн туттар, ахта саныыр дьонноохпут. Аҕабыт өттүнэн эбээлээх эһээбит иккиэн «Энгельс» аатынан колхозка сыралаах улэҕэ сылдьыбыттара, тыыл кэмигэр дьон-сэргэ хайдахтаах курдук ыарахаттары көрсүбүттэрин туоһулара буоллахтара, иэйбит өттуттэн хос эһээбит, икки эһээбит сэриигэ, эбээбит тыыл үлэтигэр сылдьыбыттара.
Аҕабыт Николай Афанасьевич Герасимов ийэлээх аҕата Герасимова Александра Кузьминична уонна Герасимов Афанасий Васильевич – тыыл, улэ бэтэрээннэрэ.
Эһээбит Герасимов Афанасий Васильевич доруобуйатынан сэриигэ ыҥырыллыбатах буолан үлэ фронугар Тиксигэ Булуҥҥа Америка хараабылларын таһаҕаһын сүөкээһиҥҥэ үлэлии хаалар. Сэрии кэмигэр тыа дьоно барахсаттар “Все для фронта” диэн девизтээх төһөлөөх ыарахан үлэни көрсүбүттэрэ буолуой… Ол да буоллар санааларын түһэрбэккэ былаан толорон бэйэлэрин сүҥкэн кылааттарын Кыайыыны уһансыыга киллэрдэхтэрэ. Эһээбит сүрдээх үлэһит, стахановец, “Энгельс” аатынан колхоз чилиэнэ, туох баар үлэҕэ инники күөҥҥэ сылдьара үһү диэн истэбит эрэ билигин. Хомойуох иһин, кини биһиги аҕабыт баара суоҕа биир эрэ саастааҕар, 1953 сыллаахха, бу күн сириттэн күрэммит. Афанасий Васильевич 1946 сыллаахха“Сэрии сылларыгар килбиэннээх үлэтин иһин” диэн мэдээлинэн наҕараадаламмыт.
Эбээбит Герасимова Александра Кузьминична 4 кыыс оҕолоох быстар дьадаҥы ыалга 1912 сыллаахха, бэьис кыыһынан төрүүр. Хос эһээбит балыксыт уһу. Сатаан бэйэлэрин ииттибэт буолан, дьоно Үгүлээт нэһилиэгэр улаатан эрэр оҕону ыалга ииттэрэ биэрэллэр. Ол курдук оттон-мастан тардыһан улаатан, сэрии кэмигэр хотоҥҥо үлэлиир. Кыра сырыттахпытына дэҥҥэ сэрии туһунан кэпсээччи, хайдахтаах курдук аччык кэмнэр этилэрин, ыал ыалынан имири эстэрин кэпсиирин кулгаах кырыытынан истэн аахайбакка хаалбыт эбиппит. Аччык кэмҥэ киһи иһэн хаалар, оҕолор төп-төгүрүк истээх буолааччылар эрэ диэн аһарбытын өйдүүбун. Ол кэмҥэ айылҕа кытта иһийэр курдук этэ диирэ, балык барыта күөл түгэҕэр түһэн, киһи балыктаан да аһаабат этэ диирэ, арай куобах биир дьыл элбии сылдьыбыта да, куобах сии олорон өлөн хаалааччылар диирэ. Бэс хатырыгын аннын сулуйан ылан мэлийэн, лэпписэкэ оҥостон сиир этибит диэн кэпсээбитин өйдөөн хаалбыппын. Эбээбит барахсан үлэтэ суох сатаан олорбот этэ, олох кырдьыар диэри боборбут үрдүнэн мас мастыы, муус киллэрэ тахсар этэ. Эбээбит эмиэ “Сэрии сылларыгар килбиэннээх үлэтин иһин” диэн мэдээлинэн наҕараадаламмыта, күндү аата “Книга почета Югюлятского наслега” диэн Советскай былаас саҕана нэһилиэк таһаарар альбомугар киирбитэ. Тапталлаах эбээбит Герасимова Александра Кузьминична 2003 сыллаахха суох буолбута.
Ийэбит Петрова Розалия Никитична ийэтэ, Корнилова Едокия Михайловна тыыл бэтэрээнэ, аҕата Петров Никита Герасимович, эһээтэ Корнилов Михаил Петрович, убайа Корнилов Дмитирий Михайлович сэрии кыттыылаахтара.
Корнилова Евдокия Михайловна сэрии кэмигэр улаатан эрэр оҕо, эбээтин уонна быраатын кытта хаалаллар. Кэлин, 1992 сыллаахха “Сэрии сылларыгар килбиэннээх үлэтин иһин” диэн мэдээлинэн наҕараадаламмыт. Сэрии кэннэ үөрэҕин бүтэрэн эбээбит Бүлүү улууһугар Тылгыны нэһилиэгэр фельдшеринэн ананан кэлэр. Үлэлээбит кэмнэригэр элбэх оҕо күн сирин көрөрүгэр көмөлөспүт буолан, билигин да кини төрөппүт оҕолоро иккис ийэбит диэн ытыктаан ахталлар. Бу сайын Тылгыны нэһилиэгэр эбээбит Корнилова Евдокия Михайловна аатынан Ийэлэргэ аналлаах сквер аһыллыта буолуохтаах. Тапталлаах эбээбит Корнилова Евдокия Михайловна ахсынньы 12 күнүгэр ыарахан ыарыыттан күн сириттэн күрэммитэ.
Эһээбит Петров Никита Герасимович 18 саастааҕар сэриигэ 1945 сыллаахха бэс ыйыгар ыҥырыллан барар, милитаристскай Японияны кытта сэриигэ кыттар. Эһээбит хаһан да сэрии туһунан кэпсээччитэ суох, кэлин, улаатан да баран ыйыттахпытына олох кэпсээбэт этэ, ол гынан баран утуйдаҕын аайы түүлүгэр баттатан куруук “В атаку! Впереед!”- диэн хаһыытатаҕына уһугуннара сүүрэрбитин өйдүүбун, эбээ “Эһээҕит эмиэ сэриини түһээтэ…”- диэн сибигинэйээччи. Эһээбит бэйэтин сүрдээҕин кыанар, наһаа үчүгэй майгылаах, эйэҕэс, кэтэх санаата суох киһи этэ. Күндү эһээбит, Петров Никита Герасимович тохсунньу 26 күнүгэр 2003 сыллаахха күн сириттэн күрэммитэ.
Тылгыны нэһилиэгэр эбээлээх эһээбит олорбут дьиэлэригэр, эбээбит үлэлээбит балыыһатыгар мемориальнай дуоскалар тураллар.
Хос эһээбит Корнилов Михаил Петрович 1898 сыллаах төрүөх, Өлүөхүмэтээҕи РВК ыҥырыытынан 15.06.1942 сэриигэ барар уонна кини уола Корнилов Дмитрий Михайлович 1940 сыллаахха Кыһыл Армия кэккэтигэр ыҥырыллар. Ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуллубут Өлүөхүмэ улууһун Кыыллаах Арыы олохтоохторо этэ. Корнилов Михаил Петрович сэриигэ барарыгар саастаах киһи, Сталинград кыргыһыытыгар тохсунньу 20 күнүгэр 1943 сыллаахха сэрии толоонугар көмүс төбөтүн уурар, ол кэмҥэ Сталинград куорат чугаһына төрөппут уола Корнилов Дмитрий Михайлович сэриилэһэ сылдьар. Дмитрий Михайлович минометнай взвод командира, артиллерист эбит, сэриигэ хорсун быһыытын иһин, элбэх өстөөҕу кыргыбытын иһин “За отвагу” мэдээли, 3 степэннээх Слава, 2 степэннээх Аҕа Дойду сэриитин уордьаннарын ылар. Ити курдук, бэйэ бэйэлэриттэн чугас сылдьан сэриилэспиттэр. Билигин санаатахха киһи сүрэҕэ ыалдьар, уол төрөппут аҕата чуп-чугас сэриилэһэ сылдьан өлөр, уола да, аҕата да ону билбэккэ хаалаллар. Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ эбээбит бииргэ төрөөбүт убайа Корнилов Дмитрий Михайлович туһунан үһүйээн курдук хаалбыт кэпсээн баар: Дмитрий Михайлович сүрдээх хорсун, туохтан да куттаммат киһи эбитэ үһү, мэлдьи сэрии саамай уотугар сылдьара үһү. Кини кыргыһыыга этэрээтин кытта төгүрүйүүгэ түбэһэн сатаан тахсыбаккалар билиэн түбэһэллэр. Түүн фашистар кинилэри котельнай иһигэр хаайбыттарын түүнү быһа цепочканан туран кирпииччэ оһоҕу биирдии кирпииччэнэн көтүрэн, кырыыһаҕа тахсыбыт хайаҕаһынан күрүүллэр, ону фашистар овчарка ыттарынан сырсыһыннараллар, ыттар хас да киһини тутан тырыта тыыталлар, этэрээт аҥаарыттан аҕыйах киһи ордон бэйэлэрин дьонун булаллар. Бу маннык кэпсээни биһиги аҕабыт истэн биһиэхэ урут кэпсээбиттээх.
Хос эһээбит Волгоградскай уобаласка Безымяннай Балкаҕа көмүллэн сытар, кини уола Дмитрий Михайлович сэрииттэн төннөн Даппарай учаастагар улэлиир, 1963 сыллаахха күн сириттэн күрэнэр. Иккиэннэрин ааттара “Кыыллаах Арыы барахсан…” диэн нэһилиэк көһүүтэ саҕаламмыта 10 сылыгар ананан тахсыбыт кинигэҕэ баар.
Билигин эбээлэрбит эһээлэрбит сыдьааннара, сиэннэр, хос сиэннэр Бүлуугэ, Намна, Дьокуускайга, Москвага олоробут.
Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ бу суруйбут эбээлэрбит, эһээлэрбит хаһан да умнуллубат киэн туттар күнду дьоммут буолаллар, кинилэр тустарынан кэпсээни оҕолорбутугар, кэлин сиэннэрбитигэр даҕаны кэпсии сылдьыахпыт.