Иванов Гаврил Иванович (1893 — 1975)
Мин эһэм Иванов Гаврил Иванович 1893 сыл диэки төрөөбүт, 1975 сыллаахха 80-нун ааһан баран өлбүтэ.
Аҕатынан Дуолан аҕа ууһуттан төрүттээх. Аҕата Уйбааныска – Иванов Иван Орто Күөлгэ олохсуйан сылгы-сүөһү ииттэн олорбут.
Ийэтинэн Дьэрэмэй аҕа ууһуттан төрүттээх. Хаптаҕас Дьэрэмэй үс уоллаах эбит: Баһылай, аатырар Болуо Дьаакып уонна Уоһук. Хос эбэм Аана, эһэм күн күбэй ийэтэ, улахан уол Баһылай Дьэрэмиэйэп кыыһа буолар.
Хос эһэбэр кэргэн тахсарыгар эбэм Аана Ыстапаан диэн уол оҕолоох эбит. Ол иһин эһэм убайа Еремеев диэн ийэтин фамилиятын ылбыт: бу ийэм тапталлаах абаҕата, икки хараҕа суох, оччолортон биллэр олоҥхоһут Еремеев Степан Иванович-Дэдэгэс Ыстапаан буолар. Сааһыгар кэргэннэммэтэх, онон киниттэн оҕо-уруу суох. Эһэм кини кэнниттэн иккис оҕо уонна үһүс оҕо эмиэ Хабырыыл, хос аата Хондоохоон диэн бырааттаах эбит. Киниттэн эмиэ оҕо-уруу хаалбатах, эдэригэр өлбүт.
Эһэм төрөппүттэрэ эрдэ өлбүттэр. Ол иһин кинини «тулаайах киһи мээнэ сылдьыма» диэн аймахтара кэргэн кэпсэтиннэрбиттэр. Хаста да холоммут курдук кэпсиирэ. Сороҕор кинини сирэллэр үһү, тулаайах, дьадаҥы диэн, сороҕор кини сирэр үһү. Дьэ онтон билиҥҥинэн ыаллыы Кэбээйи, оччотооҕуга Орто Бүлүү улууһуттан, «Лүүчүҥнэр» диэн кинигэҕэ суруллубутунан, аатырбыт Мөлөкө ойуун – Васильев Алексей Андреевич аҕыс кыыстааҕыттан сэттиһин, Настааны кэргэн кэпсэтэн, харахтарынан хайҕаһан, сүрэхтэринэн сөбүлэһэн ыал буолбуттар. Эһэм кэпсииринэн, олус эдэр сылдьан, оҕотук саастарыгар холбоспуттар: бастаан утаа оҕо курдук оонньууллара үһү.
Холбоспуттара 9 сыл буолан баран, күүтүүлээх бастакы оҕолоро, мин ийэм Мария Гаврильевна төрөөбүт. Кини кэнниттэн утуу-субуу Татьяна (Баабыкка), Екатерина (Токооччу), Иван, Клара, Мария, Дмитрий төрөөбүттэр. Бу сэттэ оҕоттон Аччыгый Маарыйа (Быккый) эдэр сааһыгар оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан сыыстаран ыалдьан өлбүт, уоннааҕылара киһи-хара буолан, атахтарыгар туран, кэнчээри ыччаты кэннилэригэр хааларбыттара. Арай кыра уол Дмитрий иккитэ кэргэннэммититтэн оҕото суох. Ол курдук, Мария биэс кыыс, биэс уол; Татьяна түөрт кыыс, икки уол; Екатерина биир уол; Иван биэс кыыс, үс уол; Клара икки кыыс оҕолордоохтор.
Эһэлээх эбэм үйэлэрин тухары икки харыларын күүһүнэн үлэлээн-хамнаан оҕолорун иитэн-такайан киһи гынаттаабыттара.
Колхозка киирэн, сүөһү иитэн, от оттоон, бултаан дохуот аахсан айахтарын булуналлара. Эһэм Орто Бүлүү улууһугар мындыр уус киһиннэн биллэрэ. Маһынан ордук элбэхтик уһанар эрээри, сүөһү туйаҕыттан тимэх, мамонт муоһуттан иистэнэр инньэ, тараах оҥороро үһү. Онон колхозка түүлээхчитинэн уонна тутууга сылдьыбыт. Аҥхайдаахха сайылыгы тутууга бастакы уустартан биирдэстэрэ эбит.
Таайым Иван Гаврильевич ахтарынан, аҕата үксүн ыраах айаҥҥа, тыаҕа булка сылдьара. Күһүн суол туруута барар уонна сааһыары сайын эргиллэн кэлэр үһү. Уһун кыһын сэттэ оҕо көрүүтэ-харайыыта, көмүлүөк оһох маһа-ото, сүөһү көрүүтэ, дьиэ-уот бүппэт кыһалҕата эбэбит барахсан санныгар сүктэриллэрэ.
Улахан кыыстара, мин ийэм Маайыска, билиигэ-көрүүгэ олус тардыһыылаах, үөрэххэ дьаныардаах уонна дьулуурдаах буолан, нэһилиэгин оскуолатын кэнниттэн Хампа оскуолатын бүтэрэр уонна бастыҥ үөрэнээччи быһыытынан Бүлүү куоратын орто оскуолатыгар үөрэҕин салҕыырга рекомендация ылар. Улуус кииниттэн ыраах кырыы сиргэ олохтоох элбэх оҕолоох ыалга ити олох да кыаллыбат суол этэ. Ол эрэн кыыстара үөрэххэ баҕалааҕын, кыахтааҕын көрөн, оччолорго төһө да ыараханын иһин, дьоно өйөөбүттэр: ийэм Бүлүү куоратыгар салгыы ахсыс, тохсус кылааска үөрэнэр дьолломмут. Бэйэтэ төһө да үөрэҕэ суох буоллар, эһэм сахалыы толкуйунан үөрэх туһатын өйдөөн, ыалы кэпсэтэн айах төлөөн, ыҥыыр атынан таһан, улахан кыыһын үөрэттэрбит өҥөлөөх.
Ол эрэн Аҕа дойду сэриитэ буолан, Маайыска улууска бастакы орто оскуола выпускниктарыттан биирдэстэрэ буолуохтааҕа туолбатаҕа. Кыһарҕаннаах күннэр саҕаламмыттара. Эһэм саастаах буолан уоттаах сэриигэ барбатаҕа эрээри, үлэ фронугар ыҥырыы кэллэ да барыахтааҕа биллэрэ. Үлэни кыайар өттө фроҥҥа ыҥырыллан, холхуоска оҕо-дьахтар, оҕонньор-эмээхсин эрэ хаалбыта. Эһэм хараҥаттан хараҥаҕа, барыта кыайыы туһугар диэн сиһин көннөрбөккө, илиитин араарбакка, холкуос түбүктээх үлэтигэр сылдьара. Эбэм ыарыһахтыыр буолан, киниэхэ күүс-көмө буолаары, кыра бырааттарын, балтыларын харайсаары ийэм 9 кылааһы бүтэрэн баран, үөрэҕиттэн тохтоон, дойдутугар холкуоска үлэтин саҕалаабыт.
Ити олорон 1944 сыллаахха эһэм ыҥырыы тутан үлэ фронугар барар. Булка сыһыаннаах киһи Бухта Тиксиигэ балык бултааһыныгар сылдьыбыт. Онно сахалар эрэ буолбатах, 40ча араас омук мустубут сирэ эбит. Муора балыга наһаа бөдөҥ балыктары бултууллар эбит. Эһэм сахалыы мындыр, тобуллаҕас өйдөөх, булка сыһыаннаах буолан, сири-дойдуну көрөн, үлэ бөҕөнү үлэлээн,тоҥон-хатан, сороҕор аччыктаан, бэриллэр нуорматын толорон, балыгы бултуур араас ньымалары билэн, дьон тэҥинэн сылдьан, 1946 сыллаахха дойдутугар этэннэ эргиллэн кэлбит.
Кини дойдутун булаат, эмиэ колхоһугар үлэлээбитинэн барбыта. Эһэм олус үчүгэй мас ууһа этэ: дьиэбитигэр бэйэтэ оҥорбут тэриллэрэ элбэх буолара: остуоллары, өйөнөрдөөх устууллары, иһит уурар ыскаап, уһун өйөнөрдөөх ыскамыайка, олох мастары, дьааһыктаах остуоллары, комодтары оҥортуура. Ол тэриллэр сорохторо билигин да туһалыы сылдьаллар. Булт тэрилин арааһын, балыктыыр тыыларын, ат тэрилин бэйэтэ оҥосторо. Колхозка кыраабыл, атырдьах, мас күрдьэх, сыарҕа арааһын оҥороро. Сүгэ, хотуур уктуура. Дьиэбит таһыгар сыарҕа сыҥааҕа иэҕэр станок, анал уһанар верстак бэйэтэ оҥостубута бааллара. Кыһынын түүлээх соноругар сылдьара, илим баайара, туу өрөр буолара, онтукатын маһын бэлэмнэнэрэ.
Бэйэтин лаппа кыанар, илиитигэр кыахтаах быһыылааҕа да, саха киһитин сэмэй идэтинэн онтун кимиэхэ да көрдөрбөтөх буолуохтаах. Өйдүөхпүттэн Эбэ күөлүгэр балыктыыра. Балыгар анаан бэйэтэ оҥостубут хас да улахан баҕайы сарт тымтайдаах буолара. Сайын ол тымтайын толору инчэҕэй балыгы күөлтэн сүгэн таһаарара. Улахан эдьиийим Ксения кэргэнэ күтүөтүм, Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала Андрей Николаевич Еремеев: «биирдэ боруобалаан ол балыктаах тымтайын көтөҕөн көрөөрү гыммытым, сиртэн да өндөппөтөҕүм,”- диэн кэпсиирэ. Колхоз кырымахтаах хара саһылы иитэр фермалааҕа, эһэм саһыл аһылыгар сайын устата хастыы да тонна балыгы бултуура. Олох өлүөр диэри, 80нун ааһан да баран, сааскы, күһүҥҥү куска сааланара, кыһын туһахтаан, капкаанынан, түүлээх бөҕөнү таҥастаан государствоҕа туттарара.
Киһи быһыытынан сэмэй, олус сымнаҕас майгылааҕа. Хаһан да кимниин эмэ кыыһырсан улаханнык саҥарбытын өйдөөбөппүн. Күлэн кэбиһэ-кэбиһэ уруккуну-хойуккуну оргууй аҕай сэһэргии олорор буолара. Биһигини, сиэннэрин олус таптыыра, мэлдьи үөрэтэ-такайа сылдьара. Кулуупка киинэни көтүппэт буолара, улааппытым кэннэ аттыгар олордон тылбаастатара. Иллэҥ буоллар эрэ, сиэннэригэр кинигэ аахтаран истэрэ.
Хомойуох иһин, аҕабыт эрдэ өлөн, эһэбит барахсан уон кыта –кырбас оҕо атахпытыгар туран, киһи буоларбытыгар, ийэбитигэр төһүү күүс буолбута. Сайын сүөһүбүтүгэр оттуура, икки оһохпутугар уһун кыһын оттор маспытын, иһэр мууспутун бэлэмниирэ. Үксүн эһэбит булдунан, балыгынан аһаан, кыһалҕата суох улааппыппыт.
Өйдүүрүм тухары кини тус бэйэтэ туттар малыгар ким эмэ орооһорун олох сөбүлээбэт этэ. Онон дьиэбит урдугэр, сарайга ордук харыстыыр, сыаналыыр малларын, туттар тэрилин кичэйэн дьаарыстаан, бэрээдэктээн уурара, онтун күлүүһүнэн хатыыра. Эһэм, 80нун ааспыт киһи, ол сарайын үөһэ наадыйда да күннэ хаста баҕар түһэр – тахсар буолара. Ол курдук кыһын ахсынньы ыйга убаһа өлөрүүтүгэр бараары, сарсыарда эрдэ хараҥаҕа дьиэ үрдүгэр уурбут тулуубун ылаары, эрэһиинэ уулуҥнаах хаатыҥканнан тахсан, тимир лиис сарайтан тоҥмут эрэһиинэ уллуҥа халтырыйан, сууллан түһэн, төбөтүгэр улахан эчэйиини ылбыта. Онтон өрүттүбэккэ, ый аҥарынан, 1975 сыллаахха бу сиртэн барбыта.
Эһэбит барахсан сырдык мөссүөнэ, үтүө аата өйтөн-сүрэхтэн сүппэккэ, биһиги оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр үйэттэн-үйэҕэ ааттана туруохтун.
Ахтыыны суруйда сиэнэ Зинаида Николаевна Сергина