Иванова Мария Гаврильевна (1922-1987)
75 сыл анараа өттүгэр биһиги дойдубутугар фашисткай талабырдьыттар түөкүннүү уоран, түүн түөрт чааска, дойду утуйа сыттаҕына саба түспүттэрэ. Бу аймалҕаннаах, кутурҕаннаах, ол эрээри хорсун-хоодуот кэмнэргэ нэһилиэкпит дьоно: “Дойдубутун өстөөххө биэриэхпит суоҕа, биһиги кыайыахпыт,”- диэн бигэ санаанан олороллоругар ити кэмнээҕи сэбиэт бэрэссэдээтэллэрэ, колхоз салайааччылара иилээччи-саҕалааччы, тирэх күүс буолбуттара саарбаҕа суох.
Биһиги ийэбит, нэһилиэк бастакы учууталларыттан биирдэстэрэ, уон оҕо, ол иһигэр Саха Республикатын үтүөлээх артыыһа Аскалон Павлов ийэтэ, Герой Ийэ Мария Гаврильевна Иванова кинилэртэн биирдэстэрэ буоларынан муҥура суох киэн туттабыт.
Биһиги ийэбит 1922 сыллаахха Орто Бүлүү улууһун Бастакы Тоҕус нэһилиэгэр Орто Күөл диэн алааска Настаа уонна Хабырыыл Уйбаныаптар диэн сэттэ оҕолоох дьадаҥы кэргэҥҥэ бастакы күүтүүлээх оҕоннон төрөөбүтэ. Кини элбэх оҕолоох ыал улаханнара буолан, адьас кыра сааһыттан үлэҕэ эриллэн, балтыларын, бырааттарын оҕолоон улаапыт. Оҕо сылдьан уҥан ыалдьар эбитэ үһү, ол иһин дьоно барахсаттар төһө кыалларынан маанылыы сатыыллар эбит, ол курдук оскуолаҕа уоннааҕар, улахан балта Таня кэнниттэн үөрэнэ киирбит.
Оскуолаҕа хара маҥнайгыттан билиигэ-көрүүгэ тардыһыылаах буолан, бастыҥнар ортолоругар сылдьыбыт. Үөрэххэ дьаныардаах, дьулуурдаах кыыс бастаан нэһилиэгин, онтон Хампа сэттэ кылаастаах оскуолатын ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрэр уонна бастыҥ үөрэнээччи быһыытынан Бүлүү куоратыгар саҥа аһыллар орто оскуола ахсыс кылааһыгар үөрэҕин салҕыырга рекомендация ылар. Улуус кииниттэн ыраах, кырыы сиргэ олохтоох элбэх оҕолоох ыалга ити олох да кыаллыбат суол этэ. Ол эрээри Хабырыыллаах Настаа кыыстарын инникитин санааннар, оҕолорун үөрэхтээх киһи оҥорорго бигэ санааны ылынаннар, 1939 сыллаахха атырдьах ыйыгар Маайысканы (ийэбин нэһилиэккэ үөлээннэхтэрэ ити аатынан билигин да ааттыыллар) аҕата ыҥыыр атынан Бүлүү куоратыгар киллэрэн, ырааҕынан аймахтарыгар айах кэпсэтэн олохтуур. Дьэ ити курдук Маайыска кыыс Бүлүү куоратын бастакы орто оскуолатын ахсыс кылааһыгар үөрэҕин салгыыр дьоллонор. Саҥа оскуола, саҥа учууталлар, саҥа доҕоттор… Манна эмиэ билиигэ дьулуурдаах кыыс бастыҥнартан биирдэстэрэ буолар.
Кырдьаҕас Бүлүү куоратыгар үөрэнэр сылларыгар саха чулуу уола Гавриил Иосифович Чиряевы кытта биир кылааска үөрэммитин туһунан ийэм биһиэхэ, оҕолоругар куруук кэпсиир буолара. 1941 сыллаахха бэс ыйыгар Маайыска тохсус кылааһы ситиһиилээхтик бүтэрэн, орто оскуола выпускной онус кылааһыгар тахсыбыта.
Аан дойдуну атыйахтаах уу курдук аймаабыт Аҕа дойду Улуу сэриитэ мин ийэм дьылҕатыгар бэйэтин хара кынатын суолун хаалларан ааспыта: тохсус кылааһы бүтэрэн баран, аҕата үлэ фронугар ыҥырыллан, кини ийэтигэр күүс-көмө, тирэх буолар сыалтан оскуолатын хаалларарга тиийбитэ. Алта кыта-кырбас бырааттарын-балыстарын сэрии суостаах сылларыгар иитэр-аһатар, көрөр-истэр, атахтарыгар туруорар сорук эдэркээн кыыс намчы санныгар сүктэриллибитэ.
Бу аймалҕаннаах, кутурҕаннаах кэмнэргэ нэһилиэкпит олохтоохторо, кырдьаҕастар оччолорго уон тоҕус эрэ саастаах эдэркээн кыысчааны, тоҕус кылаас үөрэхтээх, тобуллаҕас өйдөөх-санаалаах, киэҥ билиилээх, дьону-сэргэни кытта биир тылы булар диэн сыаналааннар, «тос» курдук эппиэттээх дуоһунаһы сүктэрбиттэрэ: сельсовекка сэкирэтээринэн ананан, үлэтин саҕалаабыта.
1941 сыллаахха биһиги нэһилиэкпититтэн алта эдэркээн уол, сэриигэ барарга бэбиэскэ туппуттара:
Алексеев Афанасий Иннокентьевич
Быкалыров Иван Иннокентьевич
Семенов Николай Алексеевич
Иванов Дмитрий Иннокентьевич
Яковлев Максим Васильевич
Степанов Алексей Дмитриевич.
Кинилэртэн соҕотох Яковлев Максим Васильевич эрэ уоттаах сэрииттэн ордон, кыайыы – хотуу аргыстанан дойдутугар эргиллэн кэлбитэ.
Ийэм бу дьалхааннах кэмнэргэ сэбиэт сэкиритээрин быһыытынан нэһилиэгин үс колхоһугар ыҥыыр атынан сылдьан, партия уонна правительство дьаһалларын тиэрдэрэ, фронтан кэлбит суруктары ааҕара, фронтан кэлэр сонуннары хас биирдии киһиэхэ тиэрдэ сатыыр этэ. Ол гынан баран Кыһыл аармыйаҕа ыҥырыллар бэбиэскэлэри биирдии киһиэхэ илиитигэр туттарар сүрдээх ыарахан, кытаанах суол этэ: дьонноро, оҕолоро ытаһыылара-соҥоһуулара эдэркээн кыысчаан нарын дууһатын муус тымныынан хаарыйара.
1942 сыллаахха, бэс ыйыгар нэһилиэк бастыҥ-мааны, үлэни-хамнаһы кыайар дьонноро 70-ча киһи фроҥҥа ыҥырыллан бэбиэскэ туппуттара. Иккис хомуурга сэриигэ барар дьону нэһилиэк олохтоохторо бары мустан оскуола таһыттан миитиннээн атаарбыттара.
Ити хомуурга нэһилиэк сельсоветын бэрэссэдээтэлэ Еремеев Степан Иванович фроҥҥа ыҥырыллан, ийэм, сүүрбэччэлээх эрэ кыысчаан, аны сельсовет бэрэссэдээтэлэ буолан, бүтүн нэһилиэк, үс колхоз үлэтин-хамнаһын, олоҕун-дьаһаҕын иһин эппиэттир сорук киниэхэ тирээбитэ.
1942 сыл – суостаах-суодаллаах сэрии иккис сыла төһө да кутурҕаннааҕын иһин, мин ийэбэр саамай дьоллоох сыла буолбута: алдьархайдаах сэрии аан дойдуну аймаатар да, олох син биир салҕанан бара турара – ити сылга ийэм аналлааҕын, аҕабын, оччолорго эдэркээн учуутал уолу Павлов Николай Афанасьевиһы көрсөн, харахтарынан хайҕаһан, сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, дьылҕа – хаан ыйааҕынан, саас муус устар ыйга холбоһон, аал уоттарын оттубуттара.
Нэһилиэккэ биир да туруу үлэһит суоҕун кэриэтэ этэ: үлэ-хамнас барыта оҕо-дьахтар, оҕонньор-эмээхсин санныгар сүктэриллибитэ. Ол да буоллар нэһилиэкпит дьоно бары биир киһи курдук, өстөөҕү үлтүрүтэр, кыайыыны түргэтэтэр туһугар төһө да аччык аҥардаах, таҥнар таҥас тутах буоллар, таһаарылаахтык үлэлээн, үөһээтэн туһэриллэр былааны-нуорманы барытын толорон, оройуоҥҥа орто үлэлээх хаһаайыстыбалар ахсааннарыгар киирсэрэ. Ийэм 1943 сыллаахтан сельсовеккэ бэрэссэдээтэллиирин таһынан, өссө оскуолаҕа учууталлаабыта. Бу ыарахан, күчүмэҕэй кэмнэргэ кини икки үлэни дьүөрэлээн, оччотооҕу кэм сиэринэн хараҥаттан хараҥаҕа «барыта кыайыы туһугар» диэн үлэлиирэ.
1943 -1945 сылларга иккитэ-үстэ армияҕа ыҥырыллан, эр дьон өттө фроҥҥа баран испитэ. 1944 сыллаахха мин аҕам Павлов Николай Афанасьевич райком чилиэнин быһыытынан сэриигэ ыҥырыыттан бронялаах эрээри, баҕа өттүнэн фроҥҥа барбыта. Ийэм биирин ааспыт Ксениятыныын, хотуна Өксүүнньэлиин, балта Өкүлүүнэлиин аҕабын сэриигэ атаарбыттара. Аҕам барахсан айаннаан иһэн өйө-санаата дьонугар, дойдутугар эбит. Хас тохтообут сириттэн телеграмма, Дьокуускайтан, Киренскэйтэн оннооҕор сурук суруйбутун билигин биһиги, оҕолоро, сиэннэрэ ааҕан күндү дьоммут олохторун биир кэрдиис кэмин билэр кыахтанныбыт. Аҕам ити күчүмэҕэй кэмҥэ дойдутуттан, дьонуттан тэлэһийэ сылдьан суруйбут 20-тэн тахса суруктара, уонча телеграммата, ийэм аҕабар суруйбут биэс суруга билигин биһиги дьиэ кэргэҥҥэ туохха да тэҥнэммэт сыаналаах докумуон буолан уурулла сытар.
1944 сыллаахха аҕам фроҥҥа айаннаан иһэн Дьокуускайтан суруйар: «Миигин букатын барбыт курдук санаан, санаарҕаабаккытыгар көрдөһөбүн. Мин хайдах баарым курдук олоруохтааххыт. Ийээ! Мин букатын барбытынан ааҕыммаппын. Хаһан эрэ эһиэхэ төттөрү устан тиийиэм дии саныыбын. Онон эн мин тиийэрбин күүтэҥҥин, ыалдьыбакка олоруох тустааххын».
Аҕам барахсан ийэбэр хас суругун ахсын нэһилиэгин салайарыгар, хаһаайыстыбатын дьаһанарыгар сүбэ-ама биэрэр эбит. Ити сыл ахсынньытыгар бу курдук суруйар: «Мария, барыта тахса турар законнарынан толору туһаныахха наада. Быйыл үүнээйи үчүгэй буолуо, бурдуккутун кытаатан хомуйуҥ. Ынахтаргытыгар отто булан иитэлии сатааҥ, өлөрүмэҥ, сүөһүтэ суох бүтүн хаһаайыстыба дьон сатаныаххыт суоҕа».
Ийэм аҕабар суруйбут суруктара сороҕо тиийбэтэхтэр, ол иһин аҕам хас суругун ахсын чаастатык суруйалларыгар көрдөһөр эбит. 1945 сыл атырдьах ыйыгар:»Маруся! Бу сэрии эрэ бүттүн, ол кэнниттэн Аан дойду үрдүнэн уһун эйэлээх олох кэлиэҕэ. Оччоҕо биһиги эрэйи-буруйу көрбүт, икки сэриини түмүктээн бүппүт дьон быһыытынан, дьэ дьоллоох эдэркээн олохпутун салҕаан, күндү көлүөнэлэри иитэн, килбиэннээх алаһа дьиэ тэринэн, иккистээн ыал буолуохпут…»
Үөһээ ахтыбытым курдук, ийэм ити сылларга сэбиэккэ бэрэссэдээтэллиирин таһынан, өссө оскуолаҕа учууталлыыр. Нэһилиэк олоҕун тэрийии, агитационнай-маассабай үлэ, от оттооһуна, бурдук хомуура, фроҥҥа анаан ичигэс таҥаһы хомуйуу, заемҥа суруттарыы, сэриигэ барааччылары атаарыы, сэрииттэн кэлбиттэри көрсүү – ийэм сэрии кэминээҕи олоҕун сорҕото эрэ буолар.
Уоттаах сэрии бүрүүкээбит, уот кураан сатыылаабыт, унньуктаах уһун аас-туор аччык сылларга нэһилиэкпитигэр биир да киһи быстаран, хоргуйан өлбөтөҕө, бары этэннэ Кыайыы күнүгэр тиийбиттэрэ. Оҕо-дьахтар, оҕонньор-эмээхсин хараҥаттан хараҥаҕа, күүстэрин харыстаабакка үлэлээн, сүөһүлэрин- астарын энчирэппэтэхтэрэ, оҥорон таһаарыы, үлэ түмүгүнэн улууска орто көрдөрүүлээх нэһилиэктэр ахсааннарыгар сылдьыбыттара. Итини барытын ийэм, сэбиэт Маайыска, сүүрбэччэлээх эрэ, оскуола паартатыттан саҥардыы турбут кыыс, оччотооҕу колхоз бэрэссэдээтэллэрэ, аҕам саастаах, олоҕу билбит кырдьаҕастардыын сүбэлэһэн, көмөлөсүһэн үлэлээн тэрийбиттэрэ киһини сөхтөрөр. Бу дьалхааннаах сылларга ийэм итини таһынан учууталлыыр, кыаммат хотунун, биирдээх оҕотун, ыарыһах ийэтин, кыта-кырбас балыстарын-бырааттарын көрөн-истэн, от оттонон, сүөһү ииттэн барыларын этэҥҥэ Улуу Кыайыы күнүгэр тиэрдибитинэн, ийэбинэн муҥура суох киэн туттабын!
1945 сыллаахха сэрии бүтэн, аҕам демобилизацияланан күһүн этэҥҥэ дойдутугар эргиллэн кэлбитэ. Кэлээт да 1946 сыл күһүөрү оскуола арыйар соруктаах, аҕам сэбиэдиссэйинэн, ийэм учууталынан ананан, дьонум ыаллыы сытар Бүлүү Бороҕонугар көһөн бараллар.
Ити иннигэр Бороҕоҥҥо оскуола суох буолан, оҕолор барахсаттар Мукучунан, Тоҕуһунан кыһын тоһуттар тымныыга, саас-күһүн ардаҕы-хаары аннынан сатыы сылдьан үөрэнэллэр эбит. Онно тиийэн дьонум нэһилиэк киинин Чай бөһүөлэгин төрүттэспиттэр. Аҕам Тоҕустан Хаахынайдаахха турбут Баһылай Дьөгүөрэп дьиэтин көһөрөн аҕалан, ийэбиниин оскуола арыйбыттар уонна ити сыл бөһүөлэккэ дьонум кыыстара Ксениялыын, аҕам ийэтэ Өксүүнньэлиин, балта Акулиналыын бэйэлэрэ эрэ кыстаабыттар. Онон кинилэр Бороҕон бөһүөлэгин бастакы ыала буолаллар эбит, ити сыл бөһүөлэккэ эмиэ бастакы оҕонон улахан убайым Валерий төрөөбүт.
Ити туһунан сэрии, тыыл ветерана Каратаев Дмитрий Афанасьевич маннык ахтар: «Бороҕон нэһилиэгэр 1946 сыллаахха оскуола маҥнайгы аһыллыыта буолбута. Онно Павлов Николай Афанасьевич, кэргэнэ Иванова Мария Гаврильевна буолан учууталлыы кэлбиттэрэ. Николай Афанасьевич оскуола сэбиэдиссэйинэн анаммыт этэ. Саҥа аһыллан эрэр оскуола элбэх үлэни эрэйбит буолуохтаах, ону барытын үмүрүтэн, срогар оскуола аһыллан үлэлээбитэ. Ол таһыгар аны оройуон салалтата колхозка араас үлэлэргэ, мероприятиелар ыытыллыыларыгар Николай Афанасьевиһы представителинэн анаабыт этэ. Ол иһин кинитэ суох туох да үлэ барбат курдук этэ…»
Дьэ ити курдук иччитэх турбут сиргэ саҥа бөһүөлэк тэриллэн, оскуола аһыллан, иһийэн турбут сир оҕо-ыччат күлүүтүнэн-оонньуутунан, чуораан тыаһынан чугдаара түспүтэ. Ийэлээх аҕам нэһилиэк кэнчээри кэскиллэрин үтүөҕэ-сырдыкка уһуйбутунан барбыттара.
«Мария Гаврильевна биһиги бастакы учууталбыт буолбута. Кини сырдык-кэрэ мөссүөннээх, уурбут-туппут курдук мааны таҥастаах, оҕо болҕомтотун тардар үчүгэйкээн куоластаах этэ.
Билигин санаатахха, учуутал буоларга айылҕаттан ананан айыллыбыт курдуга. Биһиэхэ, тайҕа быыһыгар турар саах сыбахтаах балаҕан аанын аһан, оскуола боруогун сабыс-саҥа атыллаабыт оҕолорго туох барыта сонун этэ: паарта, учуутал остуола, дуоска, уруоктар, переменаҕа буолар линейкалар, хороводтар, физзарядкалар…
Учууталбыт барахсаны төһөлөөх эрэйдээбиппит буолуой? Үйэбитигэр кинигэ, тэтэрээт диэни харахтаабатах оҕолору хайдах ааҕар, суруйар, суоттуур гыммыта буолуой? Киһи сөҕөр эрэ уонна дириҥ махтал иэйиитэ дууһаҕар сөҥө сылдьан таска быгыахтыыр.
Паартаны кэрийэ сылдьан суруйбута буола олорор оҕоҕо хас биирдиибитигэр кэлэн, суруйа олорор илиибит үрдүгэр сып –сылаас, сыры-сымнаҕас илиитин ууран, тарбахпытын тарбаҕынан салайан биэрэн суруйтарара.
…Хас уруок аайы итинник этэ. Саатар, кылааспытыгар да элбэхпит бөҕө. Сүүрбэттэн тахса этибит.
Саха тылын уруогар оҕоҕо аналлаах кыракый кэпсээннэри, остуоруйалары ааҕара үчүгэйин. Киһи иһиттэр-истэн олоруох курдук.. » – диэн ахтар Тоҕус начальнай оскуолатыгар үөрэммит кэмнэрин туһунан билигин ытык кырдьаҕас, учууталларын утумнаан олоҕун оҕо иитиигэр анаабыт педагогическай үлэ ветерана Иннокентий Николаевич Иванов.
1946 сыллаахха дойдутугар Бороҕоҥҥо оскуола аһыллан, кини салгыы онно үөрэнэр. Ити кэмнэр тустарынан салгыы маннык суруйар: «Эдьиийим Даша Семенованы кытта учууталларбыт манна көһөн кэлбиттэригэр наһаа үөрбүппүтүн өйдүүбүн. Тоҕуска үөрэнэрбитигэр оннук үтүө өйдөбүлү хааллардахтара.
Манна Николай Афанасьевичка үөрэммититим. Наһаа үчүгэйдик кэпсиирэ. Кэпсии туран киһи күлүөх курдук тылын булан кыбыталыыра. Онтон бары, учууталлыын-оҕолуун күлсэрбит».
Оттон ийэбит-аҕабыт туһунан кинилэр улахан кыыстара, эдьиийим Еремеева Ксения Николаевна маннык ахтар:»Мин икки аҥар саастаахпар дьоммут Тоҕустан Бороҕоҥҥо көһөн барбыттар. Онно аҕам Павлов Николай Афанасьевич, ийэм Иванова Мария Гаврильевна оскуоланы аспыттар, аҕам сэбиэдиссэйинэн, ийэм учууталынан үлэлээбиттэр. Мин кыра эрдэхпинэ ийэбин кытта оскуолаҕа барсан кылааска киирэн олорор үһүбүн.
1947 сыллаахха аҕабын колхоз председателинэн талбыттара. Саамай өйдөөн хаалбытым Ильич уота кэлбитин. Ол иннинэ кыраһыын лаампанан, чүмэчинэн олорбуппут. Онон Ильич уота кэлиитэ улахан үөрүү этэ. Сып-сырдык уот.
Аҕабыт дьиэтигэр-уотугар сымнаҕас сыһыаннаах этэ. Киниттэн улаханнык мөҕүллүбүппүн өйдөөбөппүн.
Бороҕоҥҥо кыра баҕайы дьиэҕэ элбэх буолан олорбуппут. Бастаан аҕам ийэтэ Өксүү эмээхсин, онтон ийэм ийэтэ,аҕата, икки быраата, балта бааллара. Аҕам кинилэри абааһы көрөн кыыһырарын хаһан да истибэтэҕим.
Ийэм тыҥата ыалдьан учууталлыы сылдьан уурайбыта».
Дьэ ити эдьиийим ахтыбытын курдук, сэрии бүппүтэ төрдүс сылыгар, ийэм тыҥатынан ыалдьан үлэтиттэн уурайбыта: сэрии аччык аҥардаах сут-кураан дьыллара кини доруобуйатын айгыраппыттара мэлдьэҕэ суох.
Дьаныһан туран эмтэнэн үтүөрэн да баран үлэтигэр төннүбэтэҕэ: биэс кыта кырбас оҕо, кырдьаҕас төрөппүттэр, улахан хаһаайыстыба көрүүнү-истиини эрэйэллэрэ, эппиэттээх үлэҕэ сылдьар кэргэнин өйүүр, көмө-тирэх буолар дьоһун соруктааҕа. Ол да иһин аҕам таһаарыылаах, ситиһиилээх үлэтинэн колхозтаахтар олохторун уйгута улааттаҕа, улуус, дойду сайдыытыгар суҥкэн кылаатын киллэрдэҕэ. Итиннэ ийэм үтүөтэ-өҥөтө үтүмэн буоллаҕа.
1956 сыллаахха, Бороҕоҥҥо уон сыл олорон баран, аҕам «Ленин» колхоз председателинэн ананан, дьонум Тоҕуска төттөрү көһөн кэлбиттэрэ. Аҕам дьиҥнээх коммунист, киниэхэ итэҕэйбит, сүктэрбит соруктарын ис сүрэҕиттэн кыһаллан, дьоҥҥо, дойдуга туһалаах буоллун диэн, түүнү-күнү аахсыбакка, аһыырын-утуйарын да умнан туран, булгуччу тиһэҕэр тиэрдэр дьүккүөрдээх эбит.
Онон партия ханна ыытар да, уон оҕолоохпун, дьиэлээхпин-хаһаайыстыбалаахпын диэн батыммакка, барытын чиэстээхтих толорор үлэһит буолан, ханна үлэ-хамнас кыаллыбатах, ыарахан учаастактарыгар улгумнук баран үлэни-хамнаһы элбэхтик өрө көтөхпүт өҥөлөөх диэн кырдьаҕастар сыаналыыллар. Ол курдук кини «Сталин», «Ленин», «Правда», «Мастаах» колхозтар салалалталарыгар күүһүн-күдэҕин харыстаабакка бэриниилээхтик үлэлээбитэ. Кэлиҥҥи сылларга уон оҕону, кырдьаҕастары көһөрө сылдьар айгыта бэрт буолан, бэйэтэ эрэ баран, уунан сылдьан, ыал муннугар кыбыллан олорон үлэлиирэ. Ити сылларга ийэм барахсан эһэбиниин биһигини, уон оҕону, ону таһынан балыстарын, бырааттарын, тугунан да тутахсыппакка, көрөн-истэн, иитэн-такайан олордохторо. Аҕам кинилэргэ эркин курдук эрэнэр буолан, үлэтэ таһаарыылаах, ситиһиилээх буоллаҕа. 1956 сыллаахха Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин депутатынан быыбардаммыта кини дьүккүөрдээх үлэтин туһунан элбэҕи этэр.
Ол эрэн аҕам барахсан итинник бэйэни харыстаммакка кыаҕы таһынан үлэлээһин түмүгэр, Тоҕуска управляющайдыы олорон, уон оҕотун тулаайах хаалларан, соһумардык күн сириттэн суох буолбута. Баара эрэ 48 саастааҕа…
Аҕам өлөрүгэр уон оҕоттон биирдэрэ да үлэһит буола илигэ, саамай кырабыт, билигин Саха Республикатын үтүөлээх артыыһа Аскалон Павлов биирин эрэ ааспыт саҥа хааман бадьаалыыр киһи этэ. Уон кыта-кырбас оҕону кытта эмискэ биир күн тулаайах туран хаалыы ийэм барахсаҥҥа төһөлөөх ыарахан охсуу буолта буолуой? Оҕолорун киһи-хара гынар, атахтарыгар туруорар туһугар бастаан детсадка воспитателинэн, онтон детсадка, интернакка поварынан өр кэмҥэ эҥкилэ суох үлэлээбитэ.
Хомойуох иһин, 1987 сыллаахха ийэм барахсан ыарахан ыарыыттан биһиги кэккэбититтэн өлөн туораабыта.
Үөрэппит оҕолоро, билигин кырдьаҕас дьон, ийэбин олус истиҥник ахталларыттан биһиги, кини оҕолоро, сиэннэрэ, олус долгуйабыт. Детсадка сылдьыбыт, интернакка олорбут оҕолор ийэбит минньигэс, тотоойу аһылыгын билиҥҥэ дылы уос номоҕо оҥостоллор. Ийэбитин билэр дьоннор кини сахалыы ырааҕы-киэҥи ырыҥалыыр сайаҕас өйдөөҕүн-санаалааҕын бэлиэтииллэр. «Мэлдьи үөрэ-көтө, сүбэлии, такайа сылдьар буолара, олус эйэҕэс, аламаҕай киһи этэ»,- дииллэр үөлээннээхтэрэ. Кини барыны бары, айылҕаны, тулалыыр эйгэни уустаан-ураннаан хоһуйан саҥарар уус тыллааҕын оҕолоро бары бэлиэтииллэр.
Ийэбитигэр муҥура суох тапталбытын, махталбытын уон оҕоттон кырабыт, мелодист, ырыаһыт Аскалон Павлов күн күбэй ийэтин сырдык кэриэһигэр анаабыт «Эргиллии» диэн ырыатыгар суруйар:
Ытаама, ийэкээм,
Хараҕыҥ уутунан суунума,
Эн иннигэр мин,
Төрөппүт оҕоҥ турабын,
Ийэм, ийэкээм,
Мин күндү киһим,
Эн илиигэр мин
Сүрэҕиҥ сылааһын тутабын…
Ийэлээх аҕам сэрии ыар сылларыгар санааларын тµґэрбэккэ инники кэскиллэрин ыраҥалаабыттара, тускулларын түстээбиттэрэ туолбута: күн анныгар ааттарын ааттатыах 10 оҕону көччөх гынан көтүппүттэрэ. Кинилэртэн улахан уол нэһилиэк, тэрилтэ салайааччытынан, икки кыыс медицинаҕа, биир уол сибээскэ, биир уол тыа хаһаайыстыбатыгар, үс кыыс норуот µ³рэ±ириитигэр ситиһиилээхтик үлэлээбиттэрэ, үлэлииллэр. Оттон саамай кырабыт, онус оҕо, мелодист, ырыаґыт Аскалон Павлов буолар.
Кинилэр Республика үөрэҕириитигэр бэйэлэрин утумнарыттан 18 педагогу, ол иһиттэн биир педагогическай наука кандидатын, икки педагогикаҕа аспираны, үс үөрэҕирии туйгуннарын, биир Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учууталын, биир «Учууталлар учууталларын», биир Саха Республикатын үтүөлээх артыыһын хаалларбыттара.
Биһиги бары үрдүк, орто анал үөрэхтээх, ситиһиилээх, таһаарыылаах үлэлээх, толору дьоллоох-соргулаах, кэнэҕэс кэнчээри ыччаттардаах үтүө үлэһит дьон буолан этэҥҥэ олорорбут туһугар ийэбит барахсан соҕотох хаалан баран, төһөлөөх кыһамньытын ууран, икки харытын күүһүнэн үлэлээн-хамнаан, хаһаайыстыба тэринэн, сүөһү тутан үрүҥ-хара көлөһүнүн тохпута буолуой?! Эһэбит барахсан көмөтүнэн, өйөбүлүнэн аһынан да, таҥаһынан да тутахсыппатахтара.
Бука барыбытын ис таҥаһыттан истээх сонугар, этэрбэһигэр, бэргэһэтигэр тиийэ тигэн таҥыннарара, ону таһынан дьоҥҥо иистэнэрэ. Кимнээҕэр да мааны, муодунай таҥастары тигэрэ, илии массыынатын куугунас тыаһа оҕо сааспыт арахсыспат аргыһа буолбута. Минньигэс да минньигэс астаах хаһаайка этэ: үлэтигэр ас астаан күнү быһа билиитэ оһох суоһугар сыраллан баран, аны дьиэтигэр биир оччону астыыра. Чэй икки биэс лиитирэлээх чаанньыкка өрүллэрэ, миин уон лиитирэлээх көстүрүүлэнэн, балык улахан кытаҕынан буһара. Килиэби бэйэтэ кирпииччэ оһоххо буһарара, күн аайы иккилии, үстүү килиэп буһара. Субуота, өрөбүл аайы хайаан да туох эрэ минньигэс, сонун аһы астыыра: кирпииччэ оһоххо эһэм оҥорбут тимир лииһигэр булка, бирээнньик, бөрүөк астаан аһатара.
Ийэбит оҕолоругар олус истиҥ, эйэҕэс сыһыаннаах эрээри, дьоһуннаах авторитет буолара. Бэриллибит сорудахха эппиэтинэстээх, чиэһинэй буоларбытын, тус эбээһинэспитин, дьиэҕэ тустаах үлэбитин кэмигэр уһаппакка-кэҥэппэккэ толорорбутун ирдиирэ. Дьоҥҥо — сэргэҕэ элэккэй, дуоспуруннаах, кыраҕа-кыаммакка болҕомтолоох буолуҥ диэн такайара. Ыраах да, чугас да сырыттарбыт ийэбит сүрэҕин сылааһыгар, уостубат тапталыгар бигэнэн улааппыт дьоллоох дьоммут.
Ийэлээх аҕабыт билигин отучча сиэннээхтэр, сүүрбэттэн тахса хос, үс хос-хос сиэннээхтэр. Билигин биһиги оҕолорбутун, сиэннэрбитин эмиэ ситиһиилээх, эппиэтинэстээх, бу олоххо дьоллоох-соргулаах буолалларыгар ийэбит үөрэҕинэн иитэбит, такайабыт.
Төрөппүттэрбит нэґилиэкпит, дойдубут сайдарыгар, олохпут тупсарыгар үтүмэн өҥөлөөхтөрүнэн, кинилэри билэр дьон бары истиҥник ахталларынан муҥура суох киэн туттабыт уонна кэнэҕэс кэнчээри ыччаппытыгар кинилэр олорбут олохторун кэрэ кэпсээн оҥорон хаалларар иэспит диэн санааттан бу ахтыыны суруйдум.
Ахтыыны суруйда кыыһа Зинаида Николаевна Сергина