Чурапчы дьонун кеьеруутугэр кыттыылаахтар.
Друзьянов Николай Николаевич аҕата Николай Николаевич, убайа Василий Николаевич, эдьиийдэрэ Фекла Николаевна, Мария Николаевна уонна эбээтэ Прасковья Егоровна Дьячковскайдар 1942 сыллаахха Чурапчыттан Кэбээйигэ көһөрүллэн барбыттар.
Василий Николаевич ахтыытыттан – “… 1942 с. күһүн балаҕан ыйыгар , ийэбитин кытта 4 оҕо , эдьиийим Сүөкүлэ , убайым Ньукулай, мин уонна балтым Маайыс буолан , колхуоспут дьонун кытта , Хоҥхо сайылыктан Кэбээйи оройуонугар , балык бултааһыныгар диэн ааттаан күүс өттүнэн көһүүгэ барбыппыт. Биһиги, “Комбайн” холкуос кыра оҕолуун, кырдьаҕастардыын барыта 399 киһи көһөрүллүбүппүт. Көһүүгэ Кэбээйигэ туох да суох сиригэр, өрүс үрдүк биэрэгэр Бакырга ойуур быыһыгар борохуоттан сүөкээбиттэрэ. Онно, тыаҕа, ол — бу сыгынах мас быыһыгар утуйан туруубутугар кыстык хаар түспүтэ. Аҕыйах хоммуппут кэннэ, кыра оҕолору, кырдьаҕастары Мукучу нэһилиэгэр илдьибиттэрэ. Биһиги Ийэбитин кытта Байымчы диэн сиргэ, иччитэх, киһи олорботоҕо өр буолбут өтөҕөр тиийбиппит. Сотору буолан баран убайбын уонна миигин оскуола-интернат баар сиригэр Өкүчүгэ илдьибиттэрэ. Убайым улахан буолан оскуоолаҕа үөрэнэ киирбитэ. Миигин үөрэммэт да буолларбын интернатка олордубуттара. Эдьиийим Сүөкүлэ уонна балтым Маайыс Бакырга күтүөппүт Үстүүн Макаров оҕолорун — Өндөрөйү , Даайаны кытта быстах кэмҥэ хаалбыттара. Ыкса кыһын буолбутун кэннэ ийэм эдьиийбин уонна балтыбын бэйэтигэр Өкүчүгэ аҕалбыта. Кэбээйигэ көһөн иһиэхпититтэн ыла аччыктаан, хоргуйан холкуоспут элбэх киһитэ өлбүттэрэ. Хоргуйууттан биһигини ийэбит иистэнньэҥ идэлээх буолан, олохтоохторго иистэнэн дьонтон кыра да буоллар бурдук, ас булан аһатан биһигини дойдубутугар 1944 сыллаахха тыыннаах эргилиннэрбитэ. Бу көһөрүллүү түмүгэр биһиги, “Комбайн» холкуостан 52 киһи хоргуйан өлөннөр көмүс уҥуохтара Кэбээйи Мукучутугар үйэ — саас тухары хаалбыттара…”