Григорьев Гаврил Павлович — 1913 сыллаахха 2-с Малдьа5ар нэhилиэгэр тереебутэ. Эдэр сааhыттан хара улэ5э-хамнаска эриллэн, аччыктааhыны-сутааhыны эт хаанынан билэн аhарбыта. Сэбиэскэй былаас кэлэрин стахановскай улэнэн керсубутэ. Кыайыылаах-хотуулаах улэhит буолан колхоhун аатыттан таhа5ас таhыытыгар иккитэ Ааллаах Ууннэ баран кэлбитэ. Далгычыакка мас кэрдиитигэр биир бастакынан улэлиир. 1943 сыллаахха армия5а ынырыллар. Аттары хомуйарга сылдьар. Сытыы — хотуу буолан онно-манна тубэhэн, тымныйан ыалдьар. Икки еттуттэн сэбиргэхтэтэн ыалдьан, 48 кг буолан армияттан 1944 сыллаахха босхолонор. Дойдутугар кэлэн утуерэн, улэ уеhугэр туhэр. Улэтэ бостуук. Арыынан, тыанан кеhе сылдьан улэлээбитэ. От-мас бэлэмнээhиннэ, сарсыардаттан тууннэ дылы улэ хамнас. Эдэр сааhыгар ыал буолар. Кэргэнэ Рафаилова Ульяна Константиновна. А5ыс о5олоноллор. Онтон 5 о5о хаалан, билигин Дьон-сэргэ ортотугар, иҥэриллибит. Нэhилиэгиттэн совхозтан элбэх Махтал суруктардаах.