Сэрии буппутэ 75 сыл буолла. Ол гынан баран, ити алдьархай ааҥнаан ааспытын билбэт киһи баара биллибэт. Дьиҥинэн, сэрии сыллара хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ ыараханнык тайанан аастаҕа. Оо, төһөлөөх олох огдолуйбута, төрүөхтээх ыччат төннүбүтэ, харах уута тохтубута, эт сүрэх ытаабыта буолуой?Сэмэй саха дьоно барахсан истэригэр иҥпит санааларын кимиэхэ да кэпсээбэккэ, соҥнообокко, үҥсэргээбэккэ анараа дойдуга илдьэ бараахтаатахтара. Биир оннук киһи туһунан сэһэргиэхпин баҕардым.
Киһи тыыннааҕар үтүө тылы истиэхтээх. Биирдэ эбит быыс булан, сааһырбыт дьүөгэм туһунан суруйбатахпыттан кэмсинэбин даҕаны…Тиһэх суолугар атааралларыгар абаран ыган-ыган аҕыйах тылы эппитим. Кини – Фёдорова Анастасия Ивановна, Чочу нэһилиэгин Горькай аат. Колхоз чилиэнэ.
Сэрии иннигэр Настаа уурбут-туппут курдук эттээх-сииннээх, төгүрүк сирэйдээх, сап-саһархай арылхай харахтаах, мэлдьи мичилийэ сылдьар сытыы-хотуу, хорсун-хоодуот бэйэлээҕэ үһү(куруук да оннук этэ). 18 ссаһын туолар-туолбат сылдьан эмиэ бэйэтин курдук кэрэ сэбэрэлээх, ырыаһыт, оһуокайдьыт,сүүрбүт-көппүт сытыы-сымса Фёдоров Афанасий Сергеевич диэн бииргэ үөскээбит уолугар кэргэн тахсар. Сыһыыга саҥа тыллыбыт сиэдэрэй сибэкки кэриэтэ, икки туҥуй сүрэхтэр бииргэ тэбэн сир үрдүгэр эрэйи-кыһалҕаны хаһан да билбэттии, олох олорор, оҕо төрөтөр ыра санаалаах ыал буолаахтаатахтара. Айыыһыт барахсан утуу-субуу икки уол оҕону биэрэр. Итинтэн ордук дьол туох кэлиэй?
Эмискэ уһуннук сураҕыра барабакка “сэрии буолбут» диэн алдьархайдаах сонун тиийэн кэлэр. Дьону хомуйталаан бараллар. Охонооһой маҥнайгынан 1941 сыл от ыйыгар ийэлээх аҕатын, үсүһүн ыарахан сылдьар Настаатын, икки оҕотун тумулга хаалларан, төрөөбүт түөлбэтиттэн букатын барбыта, төннүбэтэҕэ…Кини хорсун буойун быһыытынан сэрии хонуутугар дьоруойдуу охтубутун туоһулуур докумуон кэлин Настааҕа кэлбитэ, көмүллэ сытар сиригэр ыҥырыы кэлбитин кыайан барбатаҕа.
Дьэ, ити курдук Настаа соҕотоҕун хаалан үһүс уолун оҕолонор. Тыыннаах буолар, оҕолорун иитэр кыһалҕаттан күннээн-түүннээн үлэ. Үлэни кыайааччы кинилэр – эдэр дьахталлар. Барыта фронт, барыта кыайыы туһугар диэн сүөһү ахсаана эбиллэр, ыһыы бааһыната кэҥэтиллэр. Эр дьон сыл аайы сэриигэ бэбиэскэ тутан баран иһэллэр, төннөөччү суох… Оҕо, дьахтар, оҕоннор, эмээхсин хантан күүс-уох ылан ити алдьархайдаах сыллары туораабыттара буолуой, ньии?!Аны биирдэ эмит тото аһыахтара, ууларын хана утуйуохтара дуу?Настаа дьиэтин, колхоһун будулҕаныгар сырыттаҕына Охонооһойун туһунан хара сурук кэлэр. Эдэркээн сүрэх доҕорун аһыйан айманыытын оччотооҕу хараҥа түүннэр, сиидэс тастаах сыттык эрэ билээхтээн эрдэхтэрэ…
Настаа котоку эрэйэ итинэн бүппэтэҕэ. Алдьархай аргыстаах буолар эбит диэн мээнэҕэ эппэтэхтэр эбит. Көмүс чыычаахтара,үс уолаттара биир сыл иһигэр үһүөн суох буолаллар. Биэс киһилээх дьиэ кэргэнтэн чороҥ соҕотох туран хаалаахтыыр… Дьэ, иэдээн дии.. Дьылҕа Хаан тыйыс да буолар эбит!Муҥ саатар, таптыыр доҕорун сыдьаанын биир ыччаты хааллараахтаабатах. Хаһан да төннүбэт күндү дьонун суохтаан эдэркээн Настаа агдакатын иһин ахтылҕан аалан, сүрэҕэ-быара дэлэдээх хатыран хаанынан оҕуолаабыта буолуой?
-Туман, түүл-бит курдук сыллар этилэр, үлэ баар буолан абыраан баччааҥҥа диэри кэллэҕим. Саас ыһыыга көнө суол кэллэҕинэ, булууккун тутан иһэн хараххын тымныта түһэн ылаҕын, от үлэтигэр күн сырдыгын устатыгар үлэлиигин, кыһыл үргэл тимирэн эрдэҕинэ(түүн 4-5 чаас) туран от-мас, балбаах таһыытыгар бараҕын – диэн кэпсиирэ.
Сэрии кэнниттэн олоххо тардыһыы күүһүнэн Николаев Аркадий Семенович диэн Үөһээ-Бүлүү Харбалааҕыттан сылдьар уолга кэргэн тахсан 8 оҕону төрөтөллөр. Аркадий колхозка суотчутунан, кэлин почтальонуан үлэлээбитэ. Ыарахан олохторугар алдьархай сотору- сотору дьиэлэрин кэлэн тоҥсуйара. Аҕыс оҕоттон түөрдүн буорга кистээбитэ. Онтон 1967 сыллаахха Настаа эмиэ огдообо буолан хаалаахтаабыта. Аркадий 43 эрэ сааһыгар ыарахан ыарыыттан күн сириттэн күрэммитэ. Ол гынан баран, барахсаным сыыһа, ханна да, хаһан да кэпсии-ипсии, үҥсэргии, ытана сылдьыбат этэ. Кини ол олорон ааспыт олоҕун санаабат, умнубут, сүрэҕин чопчуларын аһыйбат үһү дуо?Ол кини сүдү киһитин бэлиэтэ. Айыы киһитэ арҕаһыттан алта уонча быанан тэһииннэнэн турар дииллэр. Ыраас санаалаах, киэҥ көҕүстээх сырдык ыралаах буоллаххына айыылар араҥаччылыыллар, быаҥ быстыбат, тирэҕиҥ сүппэт. Настаа дьиҥнээх айыы киһитэ этэ. Элэккэй майгы, сырдык санаа, минньигэс мичээрдээх мөссүөн – барыта киниэхэ баллара.
Кэлин 20-чэ сыл оҕо уһуйааныгар ньээҥкэлээбитэ. Кинини Чочуга оҕолуун-улаханныын детсад Настаата, Аркадьевна Настаа диэн сүгүрүйэн, убаастаан ааттыыллар этэ.
Анастасия Ивановна олоҕо салҕанар. Кини сырдык аатын оҕолоро, элбэх сиэннэрэ, хос сиэннэрэ, хос-хос сиэннэрэ ааттаталлар. Үкчү кини курдук мичээрдээх, ып-ырааһынан чэмэличчи көрбүт сиэн кыргыттар бааллар. Настаа иккистээн төрөөтөҕө!