ОТЗЫВЫ НАШИХ ЗРИТЕЛЕЙ:
«Наьаа да бэркэ оонньоотулар
«Уйбаанчыгы»!Киьи уйулгатын хамсатар,харах ууланар гына…
Талааннаах да ыччаттардаах эбиппит!…
Агам сэрииттэн кэлэн иьэн Леонид Попов агатыгар,учууталыгар таарыйан,чэйдээн кэлбит,ол сагана Дьокуускайга олорор эбиттэр,онно Леонид баар уьу,агам фляжкатын эргим-ургум тутан кербут,бу туьунан суруйуох баара диэбит уьу…биир паартага олорон уерэммиттэр алын кылааска ,агата учууталлыыр кэмигэр .
Ол бэйэтэ кырдьан буорайан,орон киьитэ буола сытаахтыыр,бутэьик бэтэрээн…Артыыс оголор итини барытын санаттылар…
Бу куннэргэ биир биллибэт саха саллаатын кырамтатын булбуттар,аата-суола биллээхтээбит…Алдьархайдаах сэрии содула ааьан-араган биэрбэт…
Махтал буоллун эстрада артыыстарыгар ,олох олорботох эдэр саллаат бага санаатын ,олоххо тардыьыытын керееччулэргэ итэгэтиилээхтик, урдук маастарыстыбалаахтык тиэрдибиккитигэр!»
«Үчүгэй спектакль көрөн астынан кэллим. Оҕолор маладьыастар! Сайдан иһэллэрэ көстөр. Санита эмиэ долгутта. Ырыалара үчүгэйин ис сүрэхтэриттэн ыллыылар ол иһин киһи уйулҕатын хамсатар.Үксун билэр ырыаларым. Өссө да үүнэ сайда , көрөөччүгүтүн үөрдэ туруҥ!»
Валентина и Пантелеймон.
Валентина и Пантелеймон.
«Саатар аата Маайыс. Сүрэҕим иһинэн киирдэ. Санита ай атаҕа суох кэлбит саллааты көрсөрө, ыллыыра туруктаах ??, уонна Маайыс эмээхсин буолан Уйбаанчыгын син биир өлөн баран көрсөллөрө таптал өлбөтүн күүстээхтик көрдөрдүлэр дии санаатым. Сэрии кааската символ…Велосипед көлүөһэтэ бириэмэ, үлэ… Сүүһүн туолбут курдук иннигэр аҕалан уурар этигит дии, ону санатта. Эһиэнэ кумааҕы, кинилэр киэнэ фанера…»
«Мин улахан харахтаах уолу, бөдөҥ улаханнык саҥарар уолу сөбүлүү көрдүм. Артыыстар эмиэ оонньууллара үчүгэй,драмартыыс курдуктар.»
«Ийэбинээн Уйбаанчыкка сырыттыбыт, дэлби ытаан мин.Оҕолор наһаа үчүгэйдэр, Амгаяна оһуооба ытатта, ийэм эмиэ ытаабыта, наһаа махтанабын коллегаларбар». Эстрада тыйаатырын артыыската Алена Дива.
«Наьаа учугэй киьи дууьатын таарыйар спектакль кердубут, сэргэхсийэн кэллибит. Артыыстар олох молодецтар! Ессе да ерейен-черейен, онтон кынаттанан урдуктэн урдук дабайыылары!» Керееччу.
«Мин оголорум сылдьан кэллилэр, ытаабыттар, наьаа учугэй диэн астыммыттар. Ыччаты иитиигэ, дойдуну, чугас дьону таптыырга, сыаналыырга наьаа учугэй спектакль». Керееччу.