Тыыннаах концерт «Эстрада — 21» уонна «L-47»

Күндү көрөөччүлэрбит, истиҥ-иһирэх истээччилэрбит!
Тохсунньу 28 — 29 күннэригэр эстрада тыйаатырын тыыннаах бөлөхтөрүн улахан ТЫЫННААХ КЭНСИЭРЭ саҥа сылга үктэммиччэ уохтаах, тыастаах-уустаах салгыҥҥа сайҕанан ааһыахха! Олохсуйбут дууһа хаһыытын киэҥ куйаарга көтүтүөххэ!

Бу эрэ күн тыыннаах музыка доҕуһуолугар, таптыыр ырыаларгыт ымыыларыгар уйдаран ааһыҥ диэн ыҥырабыт!
Норуот кутун-сүрүн туппут ырыаларын утары уунуохтара, бэлэхтээн ааһыахтара «Эстрада-21» уонна «L-47» тыыннаах бөлөхтөр:
Кыттыыны ылаллар: 
Аскалон Павлов 
Байбал 
Василий Еремеев 
Ника 
Байтыкан Батаакап 
Умсуура 
Санита Ай
AMIKAN 
Анатолий Горохов 
Сайсары 
Люси 
Юрислав Гольдеров 
Иван Константинов 
Наталья Стручкова 
Эллэй Васильев 
Николай Осипов 
Долун Борисов 
Михаил Рожин 

Кэлиҥ эрэ доҕоттор, сылдьан ааһыҥ сэгэттэр!

Буолар сирэ: Проспект Ленина, 47 Ю. Платонов аатынан эстрада театрын камернай саалатыгар 
Билиэттэр эстрада театрын кассатыгар  уонна онлайн сайтка: http://sakhaestrada.ru/category/afisha/ атыыланаллар!
Билсэр тел: 744-330 

Добавить комментарий