«Үрүҥ күн сырдыга» — Саха норуодунай артыыһа Клавдия Хатылаева үбүлүөйүгэр анаммыт акустическай кэнсиэр

Юрий Платонов аатынан эстрада театра иһиттиннэрэр: Кэрэ кэм — ырыа ылланар, ырыаһыт уруйданар түгэнэ!
«Үрүҥ күн сырдыга» — Саха норуодунай артыыһа Клавдия Хатылаева үбүлүөйүгэр анаммыт акустическай кэнсиэр.

Бука бары төрүт саха музыкатын таптыыр дьоммутун улахан ырыа түһүлгэтигэр ыҥырабыт!


Муус устар 29 күнүгэр киэһэ 16.00 чаастан эстрада театрын «Эстрада 21» инструментальнай бөлөх уонна Клавдия, Герман Хатылаевтар «Үрүҥ күн сырдыга» умнуллубат ырыа киэһэтин эһиэхэ бэлэх уунуохтара!
Кыттыыны ылаллар кырыымпаһыт Анна Захарова, доҕотторо Байбал, Аскалон Павлов, Байтыкан Батаакап, Анастасия Готовцева, музыканнар Эллэй Васильев, Николай Осипов.

Режиссер Амгалена Нотара.
Аадырыспыт- Ленин проспега 47;

Билсэр телеф: 8 (914) 2 — 744 — 330

Билеттэри кассатан эбэтэр http://sakhaestrada.ru/ сайттан атыылаһарга тиэтэйиҥ!

Добавить комментарий