«Хайыьар ырыата» «Чээрин» худ/киинэттэн

Ыам ыйын 9 кунэ- ага дойду сэриитэ тумуктэммит кунэ- Улуу кыайыы кунэ. Хас да сыл ааспытын иьин сэрии ыар сылларын биьиги умнубаппыт. Саха сириттэн сэриигэ 63 тыьынча кэринэ киьи барбытыттан анаарыттан агыйах киьи теннубутэ, ессе элбэх киьи дойдуларыгар, саха сиригэр, аччыктаан елбуттэрэ. Дойду урдунэн Ага дойду сэриитэ таарыйбатах ыала суох.
Бу ырыа 1942 сыллаахха суруллан сэриилэьэ сылдьар саллааттарга сургэлэрин кетегер ырыа буолан тахсыбыта. Ол ыарахан тыйыс кэмнэргэ саха саллааттара сылайбыт кэмнэригэр биир эмэ киьи бу ырыаны ыллаатагына бары хабан ылан ыллаан, санаалара бегергуурэ сылайбыттара сутэр курдуга диэн саллааттар ахтыыларыгар суруллубут. Илья Винокуров-Чагылган тыллара, Андрей Костин мелодията, Наталья Стручкова обработката «Хайыьар ырыата.